22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

"Өртөөһүнү сэрэтэр үлэ күүһүрүөхтээх"

17:01, 23 сентября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бастакы вице-премьер Алексей Колодезников ойуур баһааардарын тула мунньах ыытта. Бүгүн баһаары умулуннарыыга 244 киһи, 58 тиэхиньикэ үлэлиир. Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 11 ойуур баһаарын умулуннардылар.


Айылҕа харыстабылын миниистирэ Сахамин Афанасьев Таатта, Чурапчы улуустарыгар үлэлиир. Кини иһитиннэрбитинэн балаҕан ыйын 22 күнүгэр Чурапчы улууһугар баар икки ойуур баһаара тохтотуллубут. Ол эрэн, Амма өрүһүн анараа өттүгэр умайар баһаар дьон отугар суоһуур кутталламмыт. Билигин дьон бэлэмнээбит отун быыһыырга сылдьар. Таатта улууһун Кыйы нэһилиэгэр баар баһаар умуллубут. Кини дьон уоту умулуннарыыга көхтөөҕүн иһитиннэрдэ.

Алексей Колодезников бүгүҥҥү баһаардар биричиинэлэринэн дьон буоларын эттэ. Вице-премьер өртөөһүн билигин бобуулааҕын, саас сир сииктээҕэр ыытылларын этэн туран, дьоҥҥо сэрэтэр үлэни күүһүрдэри соруйда. Кини тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр туһаайан, отторун уокка былдьаппыт дьоҥҥо көмө мэхэниисимин толкуйдууру сорудахтаата.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА