Россия олохтоохторо “үлэлээбэт күннэргэ”, ол эбэтэр муус устар 4 — 30 күннэригэр, үлэлээбиттэр хамнастарын баар кээмэйинэн ылаллар. Хамнас үрдээбэт, диэн Роструд пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«”Үлэлээбэт күннэр” өрөбүл да, бырааһынньык да күннэр буолбатахтар. Үлэһиттэр бэйэлэрин хамнастарын хайдах баарынан ылаллар, кээмэйэ үрдээбэт”, — биэдэмистибэҕэ эттилэр диэн «Российская газета» суруйар.
Үлэҕэ төлөбүр бириинсибэ уларыйбат. Өскөтүн үлэһит хамнаһа акылаакка олоҕурар буоллаҕына, ыйдааҕы хамнаһын кээмэйэ уларыйбат. Оттон үлэһит хамнаһа төһөнү оҥорон таһаарбытынан ааҕыллар буоллаҕына, “үлэлээбэт күннэргэ” үлэлээбит буоллаҕына “вознаграждение” быһыытынан бэриллэр, ону баар нуорма аакталарыгар олоҕуран салайааччы аныыр.
Россия президенэ Владимир Путин бастаан кулун тутар 30 күнүттэн 3 күнүгэр диэри “үлэлээбэт нэдиэлэни» биллэрбитэ, дьаһал салгыы муус устар 30 күнүгэр диэри уһатыллыбыта. Маннык миэрэ коронавирус Россияҕа тарҕаныытын бохсор сыаллаах ылыллыбыта.