15 Тохсунньу 15.01
  • -40°
  • $ 103,44
  • 106,25

Росстат: Саха сирэ тыа хаһаайыстыбатын бүтүн Россиятааҕы биэрэпиһигэр бэлэм

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Тыа хаһаайыстыбатын бүтүн Россиятааҕы биэрэпиһэ саҕаланара уонтан аҕыйах күн хаалла. Росстат салалтата Саха сирэ бу тэрээһиҥҥэ бэлэмин эттэ.


«Биэрэпис түмүгэр олоҕуран өрөспүүбүлүкэ, муниципалитеттар таһымнарыгар сайдыыны түстүүр бырагыраамалар ылыллыахтара», — диэн судаарыстыбаннай статистика федеральнай сулууспатын салайааччытын солбуйааччы Константин Лайкам эттэ.

Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын элбэх көрүҥэ: үүнээйини олордууттан табаны, сылгыны үөрдээн иитиигэ диэри араас салаалар баалларынан атыттартан уратылаах. Өрөспүүбүлүкэҕэ 260 биэрэпиһи оҥорооччу үлэлиэҕэ. Ону таһынан хаһаайыстыбалаах дьон ыйытык лиистэрин Интернет нөҥүө толоруохтарын сөп.

Биэрэпискэ нэһилиэнньэ көхтөөхтүк көмөлөһөрүгэр Росстат бүк эрэллээх. Константин Лайкам хомуллубут иһитиннэрии чып кистэлэҥҥэ тутуллуоҕун санатта.

Тыа хаһаайыстыбатын биэрэпиһэ от ыйын 1 күнүттэн атырдьах ыйын 15-гэр диэри ыытыллар. Ыраах, суола-ииһэ суох улуустарга биэрэпис балаҕан ыйын ортотуттан сэтинньи ортотугар диэри оҥоһуллуоҕа.

Алтынньы саҥата бастакы түмүктэр тахсыахтара. Муниципальнай тэриллиилэргэ 2018 сылга бүтэһиктээх түмүк кэлиэхтээх.

Бүтүн Россиятааҕы тыа хаһаайыстыбатын биэрэпиһигэр федеральнай бюджеттан 12,7 млрд солк., оттон өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан 16 мөл.солк. субвенция быһыытынан бэриллэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА