Нам улууһугар, балаҕан ыйын 23 күнүгэр, Москваттан «Ю» федеральнайдааҕы ханаал устар бөлөҕө көтөн кэллэ. Кинилэр «Маленькие люди — путь к успеху” диэн бырайыак чэрчитинэн биэс күн устата Көбөкөн орто оскуолатын нуучча тылын уонна литературатын учуутала Мария Сокольникова олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын, ситиһиигэ суолун устуохтара.
Киин сиртэн кэлбит ыалдьыттары көрсөргө улуус баһылыгын солбуйааччы Мария Игнатьева салайааччылаах хамыыһыйа тэрилиннэ. Бу күн, киэһэ 5 чаастан, улуус дьаһалтатын дьиэтигэр дьыалабыай көрсүһүү ыытылынна. Мария Семеновна улуус олоҕун-дьаһаҕын билиһиннэрдэ, устар бөлөххө айымньылаах үлэни баҕарда, өйдөбүнньүк бэлэх туттарда.
Бүгүн Көбөкөн нэһилиэгэр Мария Николаевна Сокольникова үлэлиир оскуолатын, уруогун уонна кылаас таһынан дьарыгын устуохтара. Баһылык Гаврил Гоголев, общественность нэһилиэк олоҕун билиһиннэриэхтэрэ, Мария Сокольникова депутат быһыытынан нэһилиэк сайдыытыгар кылаатын сырдатыахтара.
Субуота күн устар бөлөх Мария Сокольникова төрөөбүт-үөскээбит Модутун нэһилиэгэр, кынат анньыммыт оскуолатыгар ыалдьыттыахтара, үөрэппит учууталларын, доҕотторун кытта көрсүһүөхтэрэ. Олохтоох оскуола директора Михаил Новиков улууска бастакынан тэриллибит агрооскуола Марияны үөрэтэн-иитэн таһаарыыга кылаатын кэпсиэҕэ. Олохтоох дьаһалта баһылыга Ефим Гоголев Модут кэрэ-бэлиэ сирдэрин, нэһилиэк туох, хайдах сайдар былааннааҕын билиһиннэриэҕэ.
Салгыы Мария Николаевна аймахтарын, устудьуоннаабыт, чугас доҕотторун кытта билсиһэн, Дьокуускай кэрэ бэлиэ сирдэринэн сылдьан, саха омугун үгэстэрин, олоҕун-дьаһаҕын устуохтара.
Сырыы түмүгүнэн телевизионнай биэриини оҥоруохтара, суруйда Анастасия Корякина.