21 Сэтинньи 21.11
  • -28°
  • $ 100,22
  • 105,81

Россиятааҕы "Көмүс күһүн" быыстапка бастакы күнэ түмүктэннэ. Саха сирэ биэс мэтээли тутта

10:27, 11 октября
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Москва куоракка «Көмүс күһүн» агропромышленнай быыстапка 26-с төгүлүн ыытылла турар. Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччылар бастакы күн түмүгүнэн биэс мэтээли иилиннилэр. Ол туһунан регион салалтатын пресс-сулууспата суруйда.

Племенной уонна табаарынай сүөһү иитиитин сайыннарыыга үрдүк көрдөрүүлэрин иһин наҕараадаланнылар: «Саха сүөһүтэ» генофонднай хааһына тэрилтэтэ, «Болугур» ТХПК (Амма улууһа), «Ючюгейское» АУо (Өймөкөөн улууһа) уонна бааһынай хаһаайыстыба баһылыга Мичил Прокопьев (Дьокуускай), үрүҥ көмүһүнэн — «Сахаагроплем» тэрилтэ.

Бородууксуйаны оҥорон таһаарааччылар астарын 29 көрүҥэ «За производство высококачественной пищевой продукции» куонкуруска кыттар, племенной тэрилтэлэр бэйэлэрин ситиһиилэрин «Животноводство» түһүмэххэ көрдөрөллөр.

Саха сирин павильонугар сыр, ынах арыыта, сакалаат, мармелад, күөх луук, балык арааһын көрүөххэ сөп.

Хаартыска: Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспата

Быыстапкаҕа Саха сириттэн 100-тэн тахса агропромышленнай комплекс бэрэстэбиитэлэ кыттар, ол иһигэр агропрофилированнай оскуолалар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА