23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Россия социальнай пуондата 2023 сылтан үлэтин саҕалыаҕа

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бырабыыталыстыба Госдуумаҕа Россияҕа биэнсийэ уонна социальнай страховка биир кэлим пуондатын тэрийэр туһунан сокуон барылын киллэрдэ. Ол туһунан суруйар «Парламентская газета».

Икки структураны холбоотоххо, биэнсийэ уонна социальнай страховка биир кэлим пуондата арыллар, ол эбэтэр «Социальный фонд России». Барыллаан, СФР тэрийээччитинэн бырабыыталыстыба буолара быһаарыллар. Саҥа Пуонда үлэтэ Кэтээн көрөр сэбиэккэ отчуоттуур. Састаапка Госдуума депутаттара, сенатордар, профсоюзтар бэрэстэбиитэллэрэ уонна үлэни биэрээччилэр киирэллэр.

Пуонда 2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн үлэтин саҕалыаҕа. Холбоһуу кэнниттэн үлэһиттэр Социальнай пуондаҕа хаалаллар, саҥа үлэһит курдук кэтээн көрүү болдьоҕун ааспаттар, аттестацияламматтар.

Тэрилтэлэри холбооһун нэһилиэнньэ социальнай өҥөнү ылыытыгар түргэн уонна табыгастаах буоларыгар ананар, диэтилэр Бырабыыталыстыбаҕа.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА