22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Россия олохтоохторо саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктарга 10 күн сынньаныахтара

10:01, 26 декабря 2023
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Россия олохтоохторун уон күннээх уһун сынньалаҥ күүтэр — ахсынньы 30 — тохсунньу 8 күннэригэр.

РФ бырабыыталыстыбатын уурааҕынан бигэргэммит үлэ халандаарыгар олоҕуран, уон күн сынньалаҥ биллэриллэр. Ол туһунан ТАСС суруйда.

2023 сыл ахсынньы 30 уонна 31 күннэрэ субуотаҕа уонна баскыһыанньаҕа түбэһэллэринэн, уопсай өрөбүл 10 күн уһуннаах буолар. Ол эбэтэр 2023 сыл ахсынньы 30 күнүгэр саҕаланаллар уонна 2024 сыл тохсунньу 8 күнүгэр түмүктэнэллэр.

Тохсунньу 6 уонна 7 күннэригэр буолар өрөбүллэр ыам ыйын 10 күнүгэр (бээтинсэ) уонна ахсынньы 31 күнэ (оптуорунньук) көстө.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА