22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Россия мас-рестлиҥҥа чемпионата быйыл аан бастаан РУСАДА өйөбүлүнэн ыытыллар

17:01, 22 марта 2023
Текст:
Фото: Дьулустан Сергеев, ЯСИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Россияҕа мас-рестлиҥҥа чемпионат чэрчитинэн антидопиҥҥа семинары аан бастаан РУСАДА сотрудниктара ыытыахтара. Бу саха национальнай спорка көрүҥүн олимпийскай оонньууларга киллэриигэ өссө биир суолталаах хардыы буолар. Күрэхтэһии Уфаҕа кулун тутар 25–26 күннэригэр буолар, суруйар СИА.

«Чемпионат иннинэ кулун тутар 24 күнүгэр научнай-практическай конференция ыытыахпыт, мас-рестлинг сайдыытыгар, регионнардааҕы федерациялары кытта холбоһуктаах.

Былырыын мас-рестлинг Россиятааҕы федерацията уонна РУСАДА ардыларыгар сөбүлэҥ суруллубута. Кинилэр  спортсменнарга антидопинговай систиэмэҕэ семинар ыыталлар. Норуоттар ардыларынааҕы практикаҕа, спортсменнар билбэттэринэн, допины кытта сыһыаннаах кыһалҕаларга түбэһэллэр. Ыарыйдахтарына сороҕор бобуулаах веществолаах эмтэринэн тутталлар. Биһиги 2013 сылтан бу хайысхаҕа элбэх үлэ ыытабыт, Дьокуускайга спортивнай медицина киинин арыйбыппыт. Ол кэмтэн биһиги спортсменнарбыт допины кытта сыһыаннаах кыһалҕаны көрсө иликтэр. Бу биһиги быраастарбыт уонна киин сотрудниктарын үтүөтэ», — СИА-ҕа мас-рестлинг Россиятааҕы федерациятын бэрэссэдээтэлэ Михаил Гуляев кэпсээтэ.

Барыллаан дааннайынан, Уфатааҕы чемпионакка дойду регионнарыттан 300 кэриҥэ спортсмен кыттар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА