Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕа (Ил Түмэн) эһигини Россия күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиир!
Россия судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларация 1990 сыллаахха ылылыаҕыттан дойдубут судаарыстыбаннаһын саҥа аныгылыы кэрдииc кэмэ саҕаламмыта. Россия судаарыстыбаннастаах буолуутугар суверенитет соҕотох уонна булгуччулаах усулуобуйа быһыытынан биллэриллибитэ. Конституционнай федерализм сүрүн балаһыанньатыгар уонна сокуоннар үрдүктүк тутуллууларыгар, тэҥ быраапка тирэҕирэн саҥардыллыбыт Россия сайдан барбыта.
Бэс ыйын 12 күнүгэр бэлиэтиир бырааһынньыкпыт дойдубут хас биирдии олохтооҕор Аҕа дойдуну кытта биир ситимнээҕин, быстыспат сорҕото буоларын санатарга кыаҕы биэрэр. Хас биирдии киһи кыһамньытыттан, сыралаах үлэтиттэн, эппиэтинэстээх сыһыаныттан, гражданскай санаатыттан инники кэскилбит тутулуктаах. Билигин глобализация үйэтигэр, кэм-кэрдии балысханнык уларыйыытыгар дойдубут национальнай интэриэһин туруулаһарга бары түмсэрбит, сомоҕолоһорбут тоҕоостоох. Билигин Россия Федерациятыгар араас итэҕэллээх элбэх омук бэрэстэбиитэллэрэ бэйэ-бэйэлэрин өйдөһөн-өйөнсөн, эйэ-дэмнээхтик олороллор. Уопсастыба бөҕөргөөһүнэ национальнай идеология үөскүүрүгэр уонна дойду сайдыытын хааччыйыыга төһүү буолуохтаах.
Регионнар сайыннахтарына, Россия модун кыаҕа күүһүрэр. Ол да иһин билигин Россия Федерациятын судаарыстыбаннай политикатын биир тутаах соругунан Уһук Илин уонна Арктика сирин-уотун сайыннарыы буолар. Федеральнай уонна регионнааҕы сокуону оҥорооччуларга Россия Федерациятын уонна субъектар интэриэстэрин дьүөрэлиир биир кэлим быраап эйгэтин үөскэтэр сорук турар.
Саха сирин парламена эһиэхэ төрөөбүт дойдугут чэчирии сайдарын туһугар ситиһиилээх үлэни, иллээх-эйэлээх олоҕу, этэҥҥэ буолууну, чөл туругу баҕарар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕа (Ил Түмэн)