РФ Артикатын зонатын 2035 сылга диэри сайыннарыы тосхолугар хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар олохторун хаачыстыбатын тупсарыыга туспа түһүмэх баар буолуоҕа. Ол туһунан РФ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга миниистири солбуйааччыта Александр Крутиков Дьокуускай куоракка ыытыллар Хотугу форум мугнньаҕар эттэ.
Александр Крутиков туһааннаах министерство боломуочуйата кэҥээбитигэр Саха сирин 8 улууһа арктическай зонаҕа киллэриллибитин бэлиэтээтэ. «Кылаабынайа, быһаарыы бу территориялар сайдыылара түргэтииригэр туһалаатар», – диэтэ кини.
«Дойду президенэ хас да соругу туруорар – Арктикаҕа олох таһымын хаачыстыбата орто таһымҥа диэри үрдүөхтээх, Россия Арктикатын экономикатын сайдыыта түргэтиэхтээх, Хотугу муора суолунан таһаҕаһы тиэйии иэнэ улаатыахтаах. Саха сирэ улахан субъект буоларынан, бу соруктар туолалларыгар сүҥкэн кылааты киллэриэхтээх», — диэтэ Крутиков.
Кини өрөспүүбүлүкэ Саха сирин Арктикатын сайыннарыыга былааннаах үлэни ыытарын бэлиэтээтэ итиэннэ федеральнай тосхолу кытта сөп түбэһиннэрии сүҥкэн оруоллааҕын ыйда.
Миниистир солбуйааччыта Тосхолго хайаан да арктическай медицина уратыта учуоттаныахтааҕын эттэ. Маны сэргэ кини этэринэн, саахалланар туруктаах дьиэлэртэн босхолонууга болҕомтону уурар наадалааҕын ыйда. «Дойду үрдүнэн ылан көрөр буоллахха, хотугу эргимтэҕэ бу кыһалҕа ордук күүскэ турар. Биһиги кэлэр сылларга үөскээбит боппуруоһу быһаарыыга үбүлээһини быһаарыахпытын наада. Онно эбии саҥа технологияларга олоҕурбут ырытыылар, көрүүлэр наадалар эбэтэр мас дьиэлэри тутууну сайыннарыыга саҥа ньымалар«, — диэтэ Александр Крутиков.
Манна Уһук Илиҥҥэ 2%-наах ипотеканы олоххо киллэрии төһүү күүс буолуон сөп. Бу туһунан Владимир Путин Илиҥҥи экономическай форум түмүгүнэн иһитиннэрбитэ.
Крутиков 2024 сылга диэри Уһук Илин федеральнай уокурук ыраах сиринэн тайаан сытар нэһилиэнньэлээх пууннарыгар интернет толору киириитин иһитиннэрдэ. Итиэннэ ураты суолталаах бородууктаны, табаары, уматыгы тиэрдии сыаната дойду европейскай чааһыттан улаханнык араастаһыа суохтааҕын эттэ.
Билигин биэдэмистибэ Россия экономика сайдыытыгар министерствотын кытта бу боппуруостары өйүүргэ сөптөөх миэрэлэри ылыыга үлэлэһэллэр.