Роскомнадзор VPN-сервис туттуу иһин Россия олохтоохторугар ыстыраап баар буолар диэн информацияны олоҕо суох диэтэ, ол туһунан суруйда РИА Новости.
Биэдэмистибэҕэ эппиттэринэн, оператордарга туһанааччылар дааннайдарын тиксэрэр туһунан бирикээс ыстыраабы киллэрбэт уонна VPN туттуутугар туох да сыһыана суох. Бу информацияны Госдуумаҕа эмиэ бигэргэттилэр.
Роскомнадзор СМИ-лэр бэрэбиэркэлэммит эрэ информацияны таһааралларыгар сүбэлээтэ.