Россияҕа социальнай төлөбүрдэр систиэмэлэрэ уларыйыаҕа

Россия үлэҕэ министиэристибэтэ үлэһит дьон страховой төлөбүрдэрэ барыта социальнай страховкалааһын пуондатыттан төлөнүллэрин туһунан сокуон барылын бэлэмниир. Бу туһунан РИА Новости иһитиннэрэр.


Сүрүн сыалынан — Россия үлэһит дьоно страховой төлөбүрдэри булгуччу ылыыларын хааччыйыы, ону тэҥэ кээмэйин сөпкө ааҕыы буолар.

Бу сокуон барылыгар больничнай лиис, дьахтар ыарахан кэмигэр уонна оҕо төрөөһүнүгэр босуобуйатын, ону тэҥэ Үлэ кодексынан олохтоммут 28 күнтэн элбэх уоппуска күнүн уонна көмүү төлөбүрдэрин туһунан этиллэр, диэн суруйар НВК «Саха».

This post was published on 06.03.2020 10:55 10:55