Россия кинотеатрдара от ыйын 15 күнүттэн үлэлэрин саҕалыахтара, РФ вице-премьера Дмитрий Чернышенко эттэ. РИА Новости суруйар.
«Өссө биир үчүгэй сонун — от ыйын 15 күнүттэн кинотеатрдар үлэлиэхтэрэ«, — диэтэ Чернышенко РФ бырабыыталыстыбатын баһылыга Михаил Мишустин вице-премьердары кытта мунньаҕар.
РФ култууратын министиэристибэтэ, коронавирус тарҕаммытынан, кинотеатрдарга кулун тутар 23 күнүттэн үлэлэрин тохтотоллоругар этии киллэрбитэ. Маннык хааччахтааһыннар музейдарга, театрдарга, филармонияларга, циркэлэргэ уонна да атын тэрилтэлэргэ оҥоһуллубута.