Россияҕа «үлэтэ суох» статустаах дьон ахсаана 2022 сыл муус устарыгар аҕыйаата, Росстат дааннайдары таһаарда. Бу 1991 сыллаахтан кэтээн көрүүгэ 4% намтаабытыгар тэҥ.
Бу иннинээҕи «историческай минимум» 2022 сыл олунньутугар 4,1% көрдөрбүтэ уонна кулун тутарга оннунан турбута. Эрдэ 4,3% 2019 сыл атырдьах ыйыгар бэлиэтэммитэ. Ол ааспыт сыл балаҕан ыйыгар биирдэ ситиһиллибитэ. Маннык 2021 сыл ахсынньытыгар диэри уларыйбатаҕа.
Бу сыл тохсунньутугар үлэтэ суох буолуу 4,4% улааппыта. Россияҕа уопсайа 2022 сыл муус устарыгар 3 мөл 005 тыһ киһи, бу 73 тыһыынчанан 2022 сыл кулун тутарыттан намыһах.
Источник: «Интерфакс»