«Омикрон» коронавирус штамматын икки саҥа геноварианын Россияҕа исписэлиистэр буллулар. Роспотребнадзор салайааччыта Анна Попова эттэ, суруйар ТАСС.
«Циркуляцияҕа сүрүн өлүүнү BA.4 уонна BA.5 геноварианнар ылаллар. Ити эрээри ааспыт нэдиэлэҕэ икки саҥа варианы буллубут — BQ.1 уонна BQ.1.1. Биирэ Россияҕа тас дойдуттан аҕалыллыбыт», — диэтэ Попова.
Кини бэлиэтээбитинэн, биэдэмистибэҕэ сабаҕалыылларынан инникитин бу саҥа көрүҥнэр тарҕаныахтарын сөп. Сорох дойдуларга 10-15%-н саҥаттан саҥа көрүҥ тахсан иһэр.
«Саҥа көрүҥүнэн ыалдьыбыттар симптомнара уларыйбат. Ити эрээри ордук контагиознайдар», — диэтэ кини. Бу «омикрон» штамматын көрүҥэ, онон күүстээх пик тахсара күүтүллүбэт, иммунитет олохсуйбутунан.
Элбэх дьон мустар сиригэр мааскалаах сылдьыҥ, илиигитин суунуҥ, иммунитеккытын бөҕөргөтүҥ.
Ыарыы ахсаана бэһис нэдиэлэтин түһэн иһэр.