Россияҕа эдэр учуонай статуһун сокуонунан бигэргэтиэхтэрэ. Бырабыыталыстыба көҕүлээһинин президент өйөөтө, суруйар «Российская газета».
«Бу быраап 35-гэр диэри саастаах эдэр дьоҥҥо бэриллиэҕэ«, — диэтэ миниистирдэр кабинеттарын салайааччыта Михаил Мишустин.
Сокуоҥҥа бырааптара, эбээһинэстэрэ, кыахтара толору суруллуоҕа. Премьер эрдэ бэйэтин үчүгэй өттүнэн көрдөрбүт дьаһаллар киллэриллиэхтэрэ диэтэ: «Грантовай өйөбүл, дьиэҕэ сертификат, чэпчэтиилээх ипотека«.
Источник: rg.ru