«2026 сылтан, сокуоҥҥа олоҕуран, старховой биэнсийэни индексациялааһын икки түһүмэҕинэн ыытылларыгар киириэхпит. Олунньу 1 күнүттэн, туһааннааҕынан ааспыт сыл инфляциятынан, оттон муус устар 1 күнүттэн — Социальнай пуонда дохуота үрдээһинин учуоттаан», — диэтэ кини.
Быйыл страховой биэнсийэ тохсунньу 1 күнүттэн 7,3 бырыһыан эбилиннэ. Ити эрээри ааспыт сыл инфляцията 9,5 бырыһыан тэҥинэн, дойду президенэ Владимир Путин бу көрдөрүүнү учуоттаан биэнсийэни хат ааҕарга сорудахтыыр. Эбии индексация олунньуга ааҕыллыбыта.
Быһаарыы 39,3 мөлүйүөн Россия олохтооҕун хабар. Сааскынан страховой биэнсийэ 2025 сылга ортотунан 24,9 тыһ солк.
Маны сэргэ муус устар 1 күнүттэн социальнай биэнсийэ 14,5 бырыһыан индексацияланар.