Россия үөрэҕин миниистирэ Валерий Фальков иһитиннэрбитинэн, 2025 сыл үөрэтии саҥа систиэмэтигэр көһүүгэ ананыаҕа. Болҕомто фундаментальнай билиигэ уонна практика ууруллуоҕа. Ол туһунан суруйар «Парламентская газета«.
Фальков эппитинэн, 50 үрдүк үөрэх кыһатыгар сүрүн дисциплиналарга үөрэтиини тупсарыыга пилотнай бырайыак ырытыытын оҥоруохтара. Ситиһиилээх уопут атын университеттарга тарҕаныаҕа.
Маны сэргэ 2025 сылга кадры бэлэмнээһиҥҥэ инникилээн тутуллар хайысхаларга бюджет миэстэтэ эбиллиэҕэ. Ордук инженернай-техническай, педагогическай идэлэргэ уонна медицинаҕа.
Миниистир бэлиэтээбитинэн, СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр үөрэххэ тутар хампаанньаны тэрийии суолталаах буолуоҕа. Үрдүк үөрэх кыһалара уонна промышленность бииргэ үлэлээһинин туругун үрдэтиигэ үлэ аспирантуратын ыытар тоҕоостоох буолара этилиннэ.
Эрдэ иһитиннэрбиттэринэн, Үөрэх министиэристибэтэ үрдүк үөрэххэ киирии бэрээдэгин уларыппыта.