22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

"Россельхозбаан" тыа сиригэр 2,7%-наах бастакы ипотеканы биэрдэ

15:07, 17 апреля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Россельхозбаан» Саха сиринээҕи салаата өрөспүүбүлүкэҕэ тыа сирин ипотекатыгар икки бастакы кирэдьиити биэрдэ. Ол туһунан баан пресс-сулууспата иһитиннэрэр.


Килийиэннэр чэпчэтиллибит ипотеканан Нам улууһугар кыбартыыра уонна чааһынай дьиэ атыыласпыттар, диэн суруйар edersaas.ru

Тыа сирин биир кэлим сайыннарыы бырагырааматын чэрчитинэн, дьиэ атыылаһарга анаан Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ 3%-наах ипотеканы олохтообута. Сойуомсук страховкаланнаҕына, Россельхозбаан 2,7% кирэдьиит биэрэр. Баан ыстаапкатын уонна чэпчэтиллибит ыстаапка араастаһыытын судаарыстыба субсидиялыыр.
Маннык бырагыраама Арассыыйа үрдүнэн Москва уонна Санкт Петербург куораттан ураты барыларыгар үлэлиир.
Россельхозбаан Саха сиринээҕи салаатын дириэктэрэ Василий Тимофеев: «Россельхозбаан Арассыыйа Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта сөбүлэһии түһэрсэн, тыа сиригэр чэпчэтиллибит ипотеканы биэрэргэ бастакы баан буолла», — диэн бэлиэтээтэ.
Ону таһынан, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн суотугар Саха сиригэр тыа сирин ипотекатын бырыһыанын өссө намтатан баара-суоҕа 2%, оттон страховкаламмыт дьоҥҥо 1,7% биэриэхтэрэ. Оттон эрдэ 2,7% тыа сиригэр ипотека ылбыт дьон СӨ Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов этэринэн, эбии сөбүлэһии түһэрсибиттэрин кэннэ бырыһыан ыстаапката кыччаан биэриэҕэ.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА