Саха сирин оскуолаларыгар кытаанах ковиды утары хааччахтары киллэрэр былааннаммат, ол эрээри коронавируһу тарҕатыыны утары дьаһаллар салгыы үлэлиэхтэрэ. Онуоха дистанционнай үөрэхтээһин киэбэ киирэрэ бобуллара этиллибэт, диэн регион Роспотребнадзоругар иһитиннэрдилэр.
«Үөрэх тэрилтэлэригэр инфекционнай ыарыылары сэрэтэр ирдэбиллэргэ сөп түбэһиннэрэн, үөрэх тэрилтэлэригэр ОРВИ ыарыыта 20%-тан таҕыстаҕына харантыын биллэриллиэҕэ. ситиһиигэ үлэ барыаҕа. Оскуолаларга хааччахтыыр дьаһаллар санитарнай- эпидемиологическай быһыыга- майгыга тирэҕирэн киириэхтэрэ», — диэн биэдэмистибэ иһитиннэрдэ.
Саҥа үөрэх дьылыгар маассабай дьаһаллары туоратыыга, булгуччулаах маассабай режими уонна социальнай дистанцияны тутуһууга кытаанах хааччахтар уларыйдылар. Ол гынан баран, үөрэнээччилэр, преподавателлэр уонна техническэй персоналлар ортолоругар күннээҕи бэрэбиэркэни ыытыыга ирдэбиллэр оннунан хаалаллар.
Остолобуойдар үлэһиттэригэр аһы- үөлү бэлэмнээһиҥҥэ уонна түҥэтиигэ маскалаах бэрчээккэлэри туттары сорудахтанна. Үөрэх тэрилтэлэригэр генеральнай ыраастаныыны, салгылатыыны, дезинфекционнай режими күүһүрдүөхтэрэ.