Ыам ыйын 6 күнүгэр киэһэ Владимир Путин коронавирус эпидемиятын кэмигэр дойду экэниэмикэтин, социальнай эйгэни өйүүр миэрэлэр тустарынан мунньаҕы ыытта. edersaas.ru суруйар.
Мунньахха бары миниистирдэр, эрэгийиэннэр салайааччылара кыттыыны ыллылар.
“Роспотребнадзор” салайааччыта Анна Попова ыам ыйын 12 күнүттэн “изоляция” эрэһиимиттэн хайдах тахсар туһунан методическэй сүбэлэри оҥорбуттарын иһитиннэрдэ.
“Изоляция” эрэһиимэ ыарыы балысханнык тарҕанарын тохтотто, “Ковид-19” утары охсуһарга атын дойдулар уопуттарын үөрэтэргэ кыах биэрдэ диэн эттэ.
“Изоляцияттан” тахсыы 3 түһүмэҕинэн барыахтаах. Эрэгийиэннэр баһылыктара ыам ыйын устата үс киритиэрийинэн көрөн, “изоляцияттан” тахсыыны сымнатан иһиэхтээхтэр.
Бастакытынан, ыарыы төһө түргэнник тарҕанарын ырытыы, иккиһинэн, саппаас куойкалар баалларын учуоттааһын, үсүһүнэн, коронавирус киэҥник тарҕаныытын көрүөхтээхтэр.
1-кы түһүмэххэ – киһи аҕыйах сиригэр оҕолордуун күүлэйдиир, физкултууранан дьарыктанар көҥүллэнэр.
2-с түһүмэххэ – харыстанар миэрэлэри тутуһан, уулуссаҕа дьиэ кэргэнинэн күүлэйдиир, спордунан дьарыктаныы көҥүллэнэр. Үөрэх тэрилтэлэрэ, сорох атыы-эргиэн туочукалара аһыллыахтарын сөп.
3-с түһүмэххэ – сынньалаҥ пааркалара аһыллаллар, атыы-эргиэн хааччаҕа суох, гостиницалар, үөрэх, ас-үөл тэрилтэлэрэ үлэлииллэр.
Анна Попова тоһоҕолоон бэлиэтээбитинэн, ханнык эмит түһүмэххэ коронавируһунан ыалдьыы элбээн бардаҕына, эрэгийиэннэр баһылыктара төттөрү “изоляция” миэрэлэрин киллэриэхтэрин сөп.