Маай бырааһынньыктарыгар самоизоляция эрэһиимин тутуспатахха, ыам ыйын 11 күнүн кэнниттэн хааччахтыыр миэрэлэр өссө күүһүрүөхтэрин сөп. Ол туһунан РФ Роспотребнадзорун салайааччыта Анна Попова иһитиннэрдэ диэн, СИА Парламентская газета-ҕа сигэнэн суруйар.
«Инкубация болдьоҕо ортотунан 4-6-8 күн. Өскөтүн билигин биһиги «самоизоляция» эрэһиимин кэстэхпитинэ, ыам ыйын 12 күнүгэр хааччахтыыр миэрэлэри күүһүрдүөхпүтүн сөп», — диэтэ Попова.
Кини эппитинэн, хааччахтааһыны сымнатыыга 2-3 киһи буолан күүлэйдээһини уонна сибиэһэй салгыҥҥа спордунан дьарыктаныыны көҥүллээһин тэриллиэн сөп. Манна биир усулуобуйа ирдэнэр — социальнай дистанцияны тутуһуу.