Күн-дьыл туругуттан сылтаан ракета үлтүркэйдэрин көрдөөһүнү Роскосмос салалтата тохтотто. Көрдүүр бөлөхтөр бүгүн Бүлүү/Үөһээ Бүлүү, Алдан/Өлүөхүмэ улуустарыттан барыахтара. Экологическай чинчийии кэмигэр көрдүүр үлэни аны икки ыйынан сөргүтүөхтэрэ.
«Вертолетунан көтө сылдьан көрдөөһүнү күн-дьыл туруга мэһэйдээтэ. Иллэрээ күн Күүлэкээн сэлиэнньэтин таһыгар хаар түспүтэ. Ити биллэн турар, үлэҕэ улахан мэһэйи үөскэтэр. Ону таһынан хаар күүскэ ууллан, вертолет түһэригэр күчүмэҕэйдэр үөскээтилэр. Ракета үлтүркэйдэрэ ханна түспүттэрэ биллэр, ол эрээри тиийэн харайар кыахпыт суох. Онон көрдүүр үлэ тохтоото. Икки-икки аҥаар ый кэнниттэн үлэ сөргүтүллүөҕэ. Маны таһынан хаттаан экологическай чинчийиини оҥоруохпут. Көрдүүр үлэ, чинчийии барыта өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын кытта дуогабарга этиллэр», — диэн СИА-ҕа Роскосмос бэрэстэбиитэлэ Игорь Ляховенко эттэ.
Бүлүү, Үөһээ Бүлүү улуустара быысаһар сирдэригэр ракета элбэх тобоҕо түспүтэ биллэр. Радардар 17 тобох түспүтүн быһаарбыттара, атыттара атмосфераҕа умайбыттар. Сүрүн фрагмент Күүлэкээнтэн 90 км. тэйиччи түспүт. ЦЭНКИ специалистара түһэрсибит дуогабардарынан, булчуттар көрдүүр үлэҕэ көмөлөһүөхтэрэ.
«Ракета үлтүркэйдэрэ туох да куттала суохтарын туһунан дьоҥҥо-сэргэҕэ быһаарар наадалаах. Булбут фрагмеммыт Бүлүү улууһун баһылыгын хоһугар сытар, туох да кутталы үөскэппэт. Радиация тарҕанарын туһунан тыл-өс тохтоото: дьон радиационнай көрдөрүү нуорматтан тахсыбатын итэҕэйдэ уонна көрдөөһүҥҥэ көмөлөһөргө бэлэмин эттэ», — диир Ляховенко.