22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Роман Дмитриев турнирыгар уонча тас дойдуттан бөҕөстөр кыттыахтара

13:11, 20 февраля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Роман Дмитриев аатынан көҥүл тустууга VIII норуоттар икки ардыларынааҕы турнир уонча тас дойдуттан уонна Россия регионнарыттан спортсеннары түмүөҕэ. Юниордар ортолоругар соҕотох аан дойду таһымнаах күрэхтэһии кулун тутар 7 күнүгэр саҕаланыаҕа. 


Дьокуускай куоракка ыытыллар Роман Дмитриев турнирыгар барыллаан бэлиэтэниинэн, Азербайджан, Монголия, Белоруссия, Грузия, Армения, Болгария, Молдова, Македония, Казахстан, Узбекистан тустууктара кытталлара былааннанар. Россия регионнарыттан Красноярскайтан, Бурятияттан, Тываттан, Москваттан, Дагестантан, Санкт-Петербургтан, Кабардино-Балкарияттан уонна да атын хамаандалар кэлиэхтэрэ. СИА-ҕа спорт миниистирин бастакы солбуйааччыта Семен Чердонов иһитиннэрбитинэн, 150 спортсмен кыттыахтаах.

Быйылгы турнир Кыайыы 75 сылыгар ананар, «Кыайыыга айан» диэн ыҥырыылаах. Тэрийээччилэр күрэхтэһии өрөгөйдөөх арыйыытын ураты буолуоҕа дииллэр.

Киирсиилэр ыйааһыннара: 57 кг диэри, 61, 65, 70, 74, 79, 86, 97, 125 кг. Кыайыылаахтар 70 тыһ.солк. ылыахтара, иккистэр – 50 тыһ., үһүстэр — 40 000 солк. Кыайыылаахтар тренердэригэр 40-нуу тыһ.солк. туттарыахтара. Саха сирин сүүмэрдиир хамаандатыгар 30 тустуук киириэҕэ, ааттара кулун тутарга чуолкайданыаҕа.

Турнир икки күн — кулун тутар 7 — 8 күннэригэр буолуоҕа.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА