Олимпийскай оонньуулар кыһыл уонна үрүҥ көмүс мэтээллэрин хаһаайына Роман Дмитриев кэриэһигэр норуоттар ардыларынааҕы турнир быйыл Москубаҕа ыытыллыа. Күрэхтэһиигэ 15 дойду эрэгийиэннэрин итиэннэ уон атын дойду спортсменнара кытталлара күүтүллэр.
Олимпийскай резервэ училищетын дириэктэрэ Алексей Филиппов турнир кулун тутар 4-6 күннэригэр Москубаҕа ЦСКАҕа буоларын иһитиннэрэр.
«Роман Дмитриев спордунан утумнаан дьарыктанар кэмигэр Москубаҕа олорбута, ЦСКА спорткулуубуттан киирсэрэ. Оҕолор турнирдарын быйыл Москубаҕа ыытарга санаммыт биир төрүөппүт итиннэ сытар. Ону таһынан, кыттааччыларга, ыалдьыттарга, көрөөччүлэргэ эмиэ табыгастаах. Холобура, билигин Москубаҕа саала аҥара көрөөччү көҥүллээх. Ол аата, быһа холоон 350 көрөөччү кэлэригэр эрэллээхпит. Итини таһынан, Роман Дмитриевы кытары алтыспыт бочуоттаах ыалдьыттар, тренердар кэлэллэрин күүтэбит«, — диир Алексей Филиппов.
Күрэхтэһиини Арассыыйа тустууга Федерациятын саайтыгар быһа көрүөххэ сөп буолуо. Итини таһынан дойду суруналыыстара үлэлиэхтэрэ.
Юниордар турнирдарыгар 57 — 125 кг ыйааһыннаах тустууктар киирсиэхтэрэ. Саха сириттэн 18-тан 21-гэр диэри саастаах отучча тустуук киирсэрэ былааннанар.