22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

РФ Президенэ чэпчэтиилээх ипотека бырагырааматын кэҥэтэри эттэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

РФ Президенэ Владимир Путин 6%-наах чэпчэтиилээх ипотека бырагырааматын 2023 сыл бүтүөр диэри оҕоломмут ыалларга эмиэ тарҕатары эттэ. Ол туһунан ТАСС Кремль сайтыгар сигэнэн суруйда. 

Билигин бырагыраама 2018 сыл тохсунньу 1 күнүттэн — 2022 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри оҕоломмут ыалларга эрэ көрүллэр. Бу түбэлтэҕэ кирэдьиити 2023 сыл бүтүөр диэри ылыахха сөп.

Бырабыыталыстыбаҕа сорудах бэрилиннэ. Болдьоҕо — 2022 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри. Ипотека саҥа туттуллар дьиэҕэ, чааһынай дьиэни туттууга, сир учаастагын ылыыга, бастакы ырыынакка эрдэ баар кирэдьиити  рефинансированиеҕа бэриллэр.

Москва, Санкт-Петербург, Московскай уонна Ленинградскай уобаластарга бырагырааманан көрүллэр муҥутуур суума 12 мөл солк, атын регионнарга — 6 мөл солк. Бастакы угар усунуос — кыбартыыра сыанатыттан 15%.

Маны сэргэ судаарыстыба 2019 сыл тохсунньу 1 күнүн кэннэ үһүс уонна онтон кэлэр төрөөбүт оҕолордоох ыалларга ипотекаларын сабыыга көмөлөһөр. Бу түбэлтэҕэ улахан оҕо сааһыгар хааччах уонна кэргэннии буолуу туоһута ирдэммэт. Төлөбүр суумата — 450 тыһ солк. Бу миэрэни 2023 сыл бүтүөр диэри уһаттылар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА