Тыа хаһаайыстыбатыгар анаммыт сирдэри туһаҕа таһаарыыга уонна мелиоративнай комплексы сайыннарыыга Россия бырабыыталыстыбата судаарыстыбаннай бырагырааманы кэҥэттэ. Уураахха премьер-миниистир Михаил Мишустин илии баттаата.
Докумуоҥҥа олоҕуран, билигин федеральнайдааҕы өйөбүлү тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччылар эрэ буолбакка, селекция үлэтин ыытар уонна сиэмэни оҥорон таһаарар, сири мелиорациялыыр уонна кырыһы өҥ оҥорор наука уонна үөрэх тэрилтэлэрэ ылыахтарын сөп.
«Бу ас-үөл куттала суох буолуутугар тыа хаһаайыстыбатын үүннэрэр култууратын тупсарыыга ананар», – диэтэ Михаил Мишустин.
Уураахха сурулларынан, тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччы мелиорацияҕа бырайыагын ороскуотун 50 — 90% диэри федеральнай бюджет уйунар.
Санаттахха, Саха сиригэр мелиоративнай комплекс 2032 сылга диэри сайдыытыгар тосхол оҥоһуллар.