Норуоттар икки ардыларынааҕы VI-с «Азия оҕолоро» спортивнай оонньууну үөрүүлээхтик аһыы, сабыы сиэригэр-туомугар кэккэ уларыйыылар киирдилэр. Куттал суох буолуутун хааччыйыы чэрчитинэн сорох түгэннэри тохтоттулар. Ол да буоллар, режиссер Сергей Потапов бэриммэт: оонньуу дьону-сэргэни улаханнык сэҥээрдиэҕэ.
Музыка, уот-күөс, тыас-уус… «Туймаада» стадиоҥҥа Оонньуу тэрээһини бэлэмнээтилэр.
Сонун көрүүлэринэн, хорсун быһаарыыларынан биллэр-көстөр режиссер Сергей Потапов ураты болҕомтотун уокка-күөскэ, тыаска-ууска ууруоҕа. Россия үрдүкү дуоһунастаахтара кэлэр буолбуттарынан, сценарийга кэккэ уларытыылар киирбиттэр.
«Мин тэрээһин кистэлэҥин билиҥҥитэ аспаппын. Кэлиҥ, сылдьыҥ, көрүҥ! Чахчы интэриэһинэй буолуоҕа«, — диир режиссер.