Саха сирин үөрэххэ министиэристибэтэ Аартыка уонна хоту улуустарыгар үлэлиэн баҕалаах учууталларга дьиэнэн хааччыйыы бырагырааматын оҥорорго бэлэм. Бу туһунан миниистир Михаил Сивцев дойду үөрэххэ миниистирин солбуйааччы Екатерина Толстякова кыттыылаах мунньахха эттэ. Министиэристибэ учууталларга кирэдьиити «Уһук илиҥҥи ипотека» иһинэн өссө чэпчэки усулуобуйаҕа биэрэри толкуйдуур.
Михаил Сивцев Аартыка уонна хоту улуустар учууталлара «Уһук илиҥҥи ипотека»-нан ылбыт кирэдьииттэрин бырыһыанын төлөбүрүн аҥарын судаарыстыба уйунарын туруорсар. Оччотугар педагогтар 2% оннугар 1% төлүөхтэр этэ диир.
Миниистир Арассыыйа Сбербаанын кытары кэпсэтии ыытан саҕалаабытын эттэ.
Бырагыраама сатанар түбэлтэтигэр өрөспүүбүлүкэ атын оскуолаларын үлэһиттэригэр эмиэ тарҕатыахха сөп буолуо.
2011 сылтан Аартыка уонна хоту улуустарыгар биэс сыл үлэлээбит учууталларга биир хостоох толору хааччыллыылаах дьиэ ылалларыгар 50% субсидия бэриллэрэ билигин тохтообут. Онон үөрэх министиэристибэтэ педагогтары дьиэнэн хааччыйар сыалтан атын ньымалары толкуйдуур.