2021-2022 үөрэх дьылыгар Россия үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар устудьуоннары ылыы саҥа быраабылалара киириэхтэрэ. Бу туһунан Россия үөрэҕириигэ министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
2021-2022 үөрэх дьылыттан үрдүк үөрэх кыһаларыттан докумуоннары электроннайдык тутуу булгуччу ирдэнэр буолуоҕа, бу эпидемиологическай балаһыанньананы кытта сибээстээх. Ону тэҥэ абитуриеннар сайабылыанньаларыгар уларытыыны киллэрэр эбэтэр иккис сайабылыанньаны киллэриэхтэрин сөп буолуоҕа.
Үөрэх кыһатыгар туттарсыы куонкуруһун испииһэгэ, урукку курдук биирдэ эрэ буолбакка, биэстэн аҕыйаҕа суох саҥардыллыаҕа.
Ону тэҥэ хас да уруулуу идэлэргэ эбэтэр улахан бөлөхтөрүнэн бэлэмниир хайысхаларга биир кэлим куонкуруһу ыытар кыах киллэрилиннэ. Инники куонкурус хас биирдии идэҕэ эбэтэр хайысхаҕа тус-туспа ыытыллара ирдэнэрэ.
Саҥа быраабыланан үрдүк үөрэх кыһалара хас да предметтэринэн туттарсыы тургутуутун олохтуохтарын сөп, ону абитуриеннар бэйэлэрэ талаллар. «Холобура физика уонна информатика предметтэринэн тургутуу. Онуоха абитуриент бэйэтин көрүүтүнэн физика эбэтэр информатика биир кэлим эксээмэнин түмүгүн тиксэриэн сөп», – диэн этиллэр.
Орто анал уонна үрдүк үөрэх баазатыгар туттарсар абитуриеннарга киирии тургутуутун үөрэх кыһата бэйэтэ олохтуохтуур буолуоҕа. Ону тэҥэ үөрэх тэрилтэлэрэ туттарсыы куонкуруһугар кыттар идэлэр уонна бэлэмнэнии хайысхаларын ахсаанын бэйэлэрэ быһаарыахтарын сөп.
Бакалавриат уонна специалитет бырагыраамаларынан бүддьүөт миэстэтигэр истэн үөрэххэ ылыы бэрээдэгин судургуттулар. Үөрэххэ ылыы икки түһүмэҕинэн ыытыллар буолуоҕа: приоритетнай түһүмэх (чэпчэтиилээх эбэтэр сыаллаах үөрэниигэ дуогабар түһэрсибит абитуриеннары тургутуута суох ылыы) уонна сүрүн түһүмэх. Инники үс түһүмэҕинэн ыытыллар этэ, иккис түһүмэх бастакы уонна иккис долгуҥҥа арахсара.
Үрдүк үөрэх кыһалара сүрүн түһүмэх түмүгүнэн аһаҕас миэстэлэр хааллахтарына, абитуриеннары эбии тургутуу испииһэгэр олоҕуран ылыахтарын сөп.
Үөрэх кыһалара үөрэххэ ылыы туһунан иһитиннэриини иннинээҕи сыл сэтинньи 1 күнүттэн хойутаабакка бэйэлэрин официальнай сайтарыгар таһаарыахтара.