Россия үрдүк үөрэхтэрин кыһалара 2020 сыллааҕы тутуу эксээмэнин дистанционнайдык ыытар былааннаахтар. Бу туһунан РФ үөрэҕин миниистирэ Валерий Фальков «Комсомольская правда» араадьыйаҕа эттэ диэн иһитиннэрдэ ТАСС.
«Балаһыанньа хайдаҕыттан барыта тутулуктаах — маннык санаалаахтар бу кэмҥэ үрдүк үөрэх кыһалара. Өскөтүн биирдиилээн субъекка балаһыанньа тупсар буоллаҕына, онно Роспотребнадзор уонна баһылык сөптөөх быһаарыы таһаардаҕына, аудиторияларга төннүөхтэрин сөп. Оннук буолуо да дии саныыбын. Биһиги, хаһан баҕарар, баар балаһыанньаны ырытан көрөн былаанныахтаахпыт, наада буоллаҕына — үөрэххэ тутуу эксээмэнин дистанционно ыытыахпыт«, — диэтэ миниистир Фальков.
Үрдүк үөрэҕи бүтэрээччилэр эксээмэннэрин туттарыыларын туһунан сиһилии манна аах: https://ysia.ru/vse-rossijskie-vuzy-namereny-provodit-ekzameny-v-2020-godu-v-distantsionnom-formate/