«Азия оҕолоро». Оонньуу бастакы күнүгэр дзюдоҕа алта ыйааһыҥҥа күрэхтэстилэр. Казахстан уонна Монголия спортсменнара инники кирбиигэ таҕыстылар. Сахалар икки боруонса мэтээллээхтэр.
Бастакы күн 78 кыттааччылаах күрэхтэһиигэ уолаттар 46, 50 уонна 55 кг диэри ыйааһыннарга кииристилэр, оттон кыргыттар 40, 44 уонна 48 кг диэри.
Олимпиада турнирнай сеткатынан күрэхтэһии буолла. Ол курдук, финалга тиийиэххэ диэри үс-түөрт спортсмены хотуохха наада. Монголияттан Сухбат Байамсурен бастакынан финалга таҕыста, оттон кыһыл көмүс мэтээл иһин Азербайджан спортсмена Назир Талибовы кытта күөн көрүстэ уонна эрэллээхтик кыайда.
«Мин үһүс сылбын дьарыктанабын, аан бастакы норуоттар икки ардыларынааҕы турнирым буолар. Кыайыыбыттан олус үөрдүм. Бэйэм норуоппар, дьоммор махтанабын. Маннык үрдүк таһымнаах күрэхтэһии сороҕо буоларбынан дьоллоохпун», — диэн СИА-ҕа санаатын эттэ.
48 кг диэри ыйааһыҥҥа кыргыттар ортолоругар эрийсиилээх киирсии буолла. Уралтан Дария Кашина уонна Казахстантан Меруерт Сарсенова күөн көрсүһүүлэригэр 4-тэн ордук мүнүүтэ устата хайалара да биир да баалы ылбата. Казах спортсмена күүһүн түмүккэ диэри харыстаан, кыайыы үөрүүтүн биллэ. Кыайаат үөрүүтүттэн хараҕа ууланна.
«Финалга ордук ыарахан этэ. Утарсааччым олус күүстээх буолан биэрдэ. Норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах күрэхтэһиигэ бастакы кыһыл көмүс мэтээлим», — диэн кини кэпсээтэ.
55 кг диэри ыйааһыҥҥа Москва хамаандата кыайыыга чугас этэ. Никита Кочетов Агабей Агазаданы хоппото.
Бүгүн 60, 66 уонна 73 кг диэри ыйааһыннаах уолаттар уонна 52, 57 уонна 63 кг диэри ыйааһыннаах кыргыттар күрэхтэһиэхтэрэ. Монголия уонна Казахстан мэтээллэрин ахсаанынан бастаан иһэллэр. Саха сирэ икки боруонса мэтээллээх.
«Күрэхтэһии олус улахан. Оонньуу географията сөхтөрөр: араас экзотическай дойдулар кытта бааллар. Ити биллэн турар, спортсменнарга үчүгэй», — диэн бастакы күн түмүгүн кылаабынай судьуйа Алексей Левицкэй таһаарда.
Түмүк маннык буолла:
Кыргыттар
40 кг. 1. Бибикхан Набиева (Казахстан) 2. Владлена Фаракхутдинова (УФУо) 3. Екатерина Саркисян (Уһук Илин ФУо) уонна Хонгорзул Гантулга (Монголия).
44 кг. 1. Ойдовчимег Баасансюрен (Монголия) 2. Балкумис Калдыбек (Казахстан). 3. Аина Моисеева (Саха сирэ-1) уонна Александра Ковалева (СФУо).
48 кг. 1. Меруерт Сарсенова (Казахстан) 2. Дарья Кашина (УФУо) 3. Алеся Даншина (СФУо) уонна Анжела Брянская (Саха сирэ).
Уолаттар
46 кг. 1. Ажбек Уулу Кубаничбе (Кыргызстан) 2. Али Садигов (Азербайджан) 3. Мерген Пурнепесов (Туркменистан) уонна Ачуту Домбуу (СФУо).
50 кг. Сухбат Байамсурен (Монголия) 2. Назир Талибов (Азербайджан) 3. Даниил Бузилов (УФУо) уонна Жанибек Телман (Казахстан).
55 кг. 1. Агабей Агазада (Азербайджан). 2. Никита Кочетов (Москва) 3. Ермек Амангелбы (Казахстан) уонна Буян-Серел Санаа (СФУо).