22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Өрөспүүбүлүкэ таһыгар олорор горнайдар COVID-19 туһунан кэпсииллэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Аан дойду үрдүнэн тилийэ көппүт коронавирус Саха сиригэр тиийэн кэллэ. Атын дойдуларга олорор горнайдарга сибээскэ тахсан, кинилэргэ COVID-19 ыарыынан сибээстээн балаһыанньа хайдаҕын билистибит.


Евдокия Аргунова, Новосибирск:

– Манна хайыы-үйэ карантин буолбута ыраатта. Туох баар үөрэх тэрилтэлэрэ дистанционнай үөрэтиигэ көспүттэрэ. Улахан IT-хампаанньалар үлэһиттэрин дьиэлэриттэн олорон үлэлииргэ ыыталаатылар. Новосибирскайга буолуохтаах кэнсиэртэр, тэрээһиннэр биллибэт күҥҥэ диэри тохтотулуннулар.

Омуннаабакка эттэххэ, хас хардыыҥ аайы дезискрабтар тураллар эрээри, дьон мааскалаах сылдьыбат. Маҕаһыыннары кэтээн көрдөххө, кыралаан табаардара аҕыйыыр.

Онтон бэйэбит дьон тоҕуоруһар сиригэр сылдьыбаппыт, илиибитин суунабыт. Билигин киһи бэйэтин эрэ туһугар эппиэтинэстээх буолбат, тулалыыр дьоҥҥор эппиэтинэһиҥ үс бүк улаатар, ону бары өйдүөх тустаахпыт.

Ньургуhун Прокопьева, Москва:

– Москуба киинигэр үлэ барар быһыылаах. Биһиги оройуоммутуттан тахсыбаппыт. Туох баар аралдьыйар тэрилтэлэр сабылыннылар, балыыһаларга, администрацияларга улахан наадата суох барымаҥ диэн сэрэппиттэрэ. Оскуолалар, үрдүк үөрэх кыһалара дистанционнайга барбыттара, оҕо уһуйааннара үлэлии тураллар эрээри, дьон оҕолорун илдьибэт, куттаналлар. Офис үлэһиттэрин дьиэттэн үлэлииргэ көһөрбүттэрэ, хамнас түһэн хаалыа диэн куттанааччылар элбэхтэр. Быраастар үлэлэрэ күнтэн-күн элбээн иһэр, эбии дьуһуурустубалыыр буолбуттар.

Билигин биһиги олорор оройуоммутугар чуумпу. Арай маҕаһыыннарга ас 20-30 % үрдээбит курдук. Билэр дьонум Таилаҥҥа барыахтаах этилэр да, билиэттэрин төнүннэрдилэр. Иммунитеты күүһүрдүөххэ наада. Доруоһалаах аһы, ыһаарыламмыты аҕыйатыахха сөп.

Лоокуут Стручков, Москва:

– Ааспыт нэдиэлэттэн биһиги “Мегафон” тэрилтэ дьиэбититтэн олорон үлэлиибит. Улахан туох да миэрэ ылыллыбат диэн көрөбүн. Сэрэтии, иһитиннэрии күүскэ барбатыттан, норуот бэлэмэ суох. Дьон-сэргэ үксэ үлэлиир. Уопсастыбаннай тырааныспар сылдьар.

Уолуйууга ылларымыахха наада. Гигиенаны тутуһан, илиибитин суунан, дьиэбитин салгылатан, бэйэбит уонна чугас дьоммут доруобуйаларын көрүнэ сырыттахпытына барыта этэҥҥэ буолуо!

Галина Нургалиева, АлмаАта, Казахстан:

– Алма-Атаҕа кулун тутар 19 күнүттэн кытаанах карантин. Куораттан тахсар, киирэр күүскэ бобуллан турар. Хата карантин иннинэ кыыһым Швейцарияттан кэллэ. Доруобуйаны бөҕөргөтөн акскорбиновай кислота, лимоннаах чэй иһиэххэ наада.

Юлия Осипова, Канкун, Мексика:

– Мехико куоракка ыалдьыбыт дьон баар дииллэр, мин олорор куораппар Канкунҥа уонча киһи коронавирустаах эрээри, госпитализацияламмыт суох. Ыалдьыбыттар дьиэлэригэр карантиҥҥа олороллор. Норуот кыратык куттанар, улахан уолуйуу суох. Мин санаабар, Кинтана-Роо штат балыыһалара элбэх ахсааннаах ыарыһахтарга бэлэмэ суохтар. Полиция уонтан тахса киһи мустубутун көрдөҕүнэ, булгуччу баран үүрүөхтээх. Карантины бары үчүгэйдик тутустахпытына барыта ааһыа. Үлэлиир отельбыт 30 күҥҥэ сабыллан турар. Коронавирус кэмэ өйдөөн-төйдөөн олорорго, олоҕу, бэйэҕин, чугас дьоҥҥун сыаналыырга анаммыт курдук, онон бэйэ-бэйэбитин харыстыаҕыҥ!

***

Туох барыта ааһар кэмнээх. Бу коронавирус инфекцията ааҥнаан, биллэриллибит карантин, дистанционнай үөрэх, дьиэттэн олорон үлэлээһин биир өттүнэн олохпут күүскэ сайдыбытын көрдөрөн биэрдэ.

Источник: https://ulus.media/2020/03/25/araas-dojduga-oloror-gornajdar-covid-19-tu-unan/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА