Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн умайар 20 ойуур баһаарыттан 13 бохсулунна

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 20 ойуур баһаарын умуруорууга үлэлэһэллэр, онтон 13 бохсулунна. Бу туһунан экология харыстабылын министиэристибэтин пресс-сулууспатыгар сигэнэн, СИА иһитиннэрэр.


Уот 2 937 га сири сиэтэ. Ааспыт сууккаҕа 5 уоту Намҥа, Горнай Маҕараһыгар, Таатта Булун нэһилиэгэр, Уус-Алдан Уус Күөлүгэр, ыраах сытар сирдэргэ үс ойуур баһаарын умуруордулар. Уоту умулуннарыыга 798 киһи, 22 техника үлэлээтэ.

Ыраах сытар 255 567 га иэннээх сиргэ 100  уот көрдүгэнэ баара биллэр. Балары космическэй сириэстибэлэринэн кэтииллэр.

Баһаардар нэһилиэктэргэ, экономика эбийиэктэригэр суоһаабаттар.

This post was published on 10.08.2020 10:01 10:01