Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ алтынньы 8 күнүгэр сүөһү аһын бэлэмнээһиҥҥэ барыллаан түмүгү таһаарда. Ол түмүгүнэн окко былаан 96% туолбут, сиилэскэ — 94%, сенажка — 79%.
Барыта 421 тыһ. га ходуһа охсуллубут, 454 тыһ. туонна от бэлэмнэммит. Барыллаан ааҕыынан окко былааннарын Уус-Маайа, Хаҥалас, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Таатта улуустара толорбуттар.
Сылын аайы өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн саппаас от бэлэмнэнэр. Быйыл Кэбээйи улууһа 165 туонна оту, Ньурба — 2050, Сунтаар – 1885,8, Хаҥалас — 1920, Бүлүү — 830 туонна оту, 150 туонна сенаһы, Үөһээ Бүлүү 500 туонна оту бэлэмнээн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 7420 туонна саппаас от бэлэмнэммит. Бу оту кураантан, ойуур баһаардарыттан эмсэҕэлээбиттэр туттуохтара. Санатабыт, быйылгы ойуур баһаардарыгар 2352 туонна от уокка былдьаммыта.