Саха сирин бырабыыталыстыбата нэһилиэнньэ кыаммат араҥатын өйүүр бырагыраамалары кэҥэтэр былааннаах. Чуолаан, регион иһигэр салгын аалынан көтүүгэ субсидия көрүүтэ. Премьер-миниистир Владимир Солодов социальнай ситимнэргэ аһаҕас эфиргэ эппитинэн, билигин федеральнай киини кытта кэпсэтии барар. Чэпчэтиилэр дойду бюджетыттан көрүллүөхтээхтэр.
«Билигин биһиги нэһилиэнньэ кыаммат араҥытын өйүүр хайысхалары кэҥэтэн биэрэр уонна көтөр аалга билиэт сыанатын кыччатар туһунан ырытабыт. Саха сиригэр салгын суола альтернативата суох, атын регионнары да кытта тэҥниир сатаммат. Онно тимир суол, массыына суола сайдыылаах«, — Владимир Солодов быһа эфиргэ эттэ.
Кини этэринэн, билигин төһө да миэрэ ылылыннар, син биир билиэт сыаната ыарахан. Онон бу боппуроус бырабыыталыстыба бэбиэскэтигэр баар.
«Биһиги билигин федеральнай киини кытта үлэлиибит. Биһиги сорукпутунан бу сыалга федеральнай үптэн харчы көрүүтэ буолар. Билигин субсидия регионнар икки ардыларыгар эрэ көрүллэр. Оттон өрөспүүбүлүкэ иһигэр — регион эрэ бюджетыттан», — диэн быһаарда Солодов.