21 Сэтинньи 21.11
  • -31°
  • $ 100,22
  • 105,81

Өрөспүүбүлүкэҕэ тиэрмин бастакы күрэһэ буолла

16:00, 25 декабря 2023
Текст:
Хаартысканы ааптар тиксэрдэ.
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бу дьыл алтынньы, сэтинньи ыйыгар М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт түүр тылын үөрэхтээҕэ, лингвист, суруйааччы, тылбаасчыт Г.В. Баишев-Алтан Сарын төрөөбүтэ 125 сылыгар анаан өрөспүүбүлүкэҕэ бастакытын Тиэрмин күрэһэ ыытылынна. Күрэс кыттыылаахтара Арассыыйа Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн устудьуоннара буоллулар.

Күрэс сорудаҕа диэн 100 бэриллибит тиэрмин сахалыы тылбааһын эбэтэр тэҥнээх солбугун булуу.

Дьүүллүүр сүбэҕэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын иһинэн быйыл сайын тэриллибит Тиэрмин хамыыһыйатын чилиэттэрэ Ю.М. Борисова, Р.А. Баишев, В.П. Коротов, Н.Н. Павлов-Халан, Г.Г. Торотоев үлэлээтилэр, киирбит үлэлэри сыаналаатылар.

Кыайыылаахтары быһаарыы икки таһымҥа араҕыста:

Маҕыстырааннар уонна аспырааннар истэригэр “Бастыҥ тылбаасчыт” аатын – О.Н. Корякина-Умсуура, “Уран тылбаасчыт” аатын – А.М. Самсонов, “Мындыр тылбаасчыт” аатын – А.А. Филиппова “Филология. Тылбаас түөрүйэтэ уонна быраактыката” салаа маҕыстырааннара ыллылар.

Бакалаабырдар истэригэр “Бастыҥ тылбаасчыт” аатын К.В. Васильева, “Туйгун тылбаасчыт” аатын М.А. Андросова, “Ыллыктаах тылбаасчыт” аатын С.С. Егорова, “Кэскиллээх тылбаасчыт” аатын Э.Н. Игнатьева иҥэриннилэр.

Кыайыылаахтарга Алтан Сарын хаан аймаҕа, урбаанньыт Р.А. Баишев аймахтар ааттарыттан анал бириистэри кытта харчынан бириэмийэ туттартаата.

Билиҥҥи биһиги олохпутугар киэҥник туттуллар ханнык тиэрминнэр сахалыы табыгастаах солбуктарын устудьуоннар булбуттар эбитий?

Актированный день – хаайык күн, дрон – иччитэх тайаара, блогер – куйаар түннүгэ; суруһут, буллинг – буулаҥ, волонтер – көмөһүт, выборы – талык, герой – хорсумат, департамент – салайык, кризис – ыктарык; кыһарҕан, маркетинг – батарал, меню – талба ас; баарас; астал, пенсия – төлөмүк, ресурсы – хаһааспа, риэлтор – дьиэлтэр, стихийный мемориал – дьаалы мэҥэ, терроризм – дьулата түүрэй; куттулук; дьулагы, челлендж – чэйиҥ.

Элбэх киһи өйө сөптөөх тылы тобулар. Маннык тэрээһин бу үөрэх кыһатынан эрэ муҥурдаммакка өссө да киэҥ эйгэҕэ тиһигин быспакка салҕана турара буоллар, тылбыт-өспүт лаппа тупсуо, бэйэбит төрүт тылбыт саҥа тиэрминнэринэн байыа этэ.

Ааптар: Надежда Ефремова, тыл билимин хандьыдаата, тэрийээччи

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА