22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Үрүҥ Хайаҕа икки сылга 24 ыал саҥа дьиэлэннэ

12:24, 11 марта 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Үрүҥ Хайа – туундара ортотугар турар бөһүөлэк. Сүрүннээн долганнар, эбэҥкилэр олороллор. Красноярскай кыраай долганнары кытары сибээстэрин быспаттар. Сүүрбэччэ көстөөх сиргэ «буранынан» тиийэллэр. Оттон улуус киинин Саскылааҕы кытары Анаабыр өрүһүнэн сырыы баар.


Ыраахтан икки этээстээх оскуола дьиэтэ дьэндэйэр. Бөһүөлэккэ тутуу ыытыллара көстөр. Быйылгыттан Бизнес-инкубатор үлэлээтэ. Манна кафе, фотостудия, көмпүүтэр кылааһа, таҥас тигэр сыах, таһаҕаһы тиэйиинэн дьарыктанар предприниматель үлэлиэхтэрэ.

Быйыл эдэр исписэлиистэргэ 4 квартиралаах дьиэни тутан киллэрдилэр. Манна быраас, хочуолунай оператора, табаһыт уонна баһылык солбуйааччыта олоруохтара. Биир хостоох квартира толору хааччыллыылаах, киин ититэр ситимҥэ холбоммут.

Нэһилиэк баһылыга Канат Алькенов: «Былырыын Ыччат микрооройуона тутуллубута. Элбэх оҕолоох ыалларга учаастак түҥэппитппит, уотун, ититиитин киллэрбиппит. Билигин манна биэс сабыс-саҥа дьиэ тутулунна. Кэнники икки сылга 24 ыал араас бырагыраамаларга хабыллан, саҥа дьиэлэннэ. Быйыл баһаарынай депо тутуллуохтаах», — диэн кэпсиир.

Ити эрээри Үрүҥ хайаҕа билигин даҕаны саҥа хочуолунай, спортивнай саала, Сааскылаахха диэри суол тутуута ирдэнэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА