РФ бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин Украинаҕа өлбүт уонна эчэйбит байыаннайдар дьиэ кэргэттэрэ өйөбүл харчы ылыахтара диэн эрэннэрдэ.
«Украинаҕа анал байыаннай операция кэмигэр өлбүт байыаннайдар дьиэ кэргэттэригэр барыларыгар сокуонунан көрүллүбүт страховой хааччыйыыны уонна биир кэмнээх босуобуйа ылыахтара — 7 421 000 солк. буолуохтаах. Маны таһынан, өлбүттэр дьиэ кэргэттэрин хас биирдии чилиэнигэр ый аайы харчы төлөнүөҕэ», — диэтэ.
«Миноборона хас биирдии өлбүт байыаннай дьиэ кэргэнигэр, байыаннай сулууспалаахтарга, спецоперацияҕа кыттыбыт атын да биэдэмистибэлэр үлэһиттэригэр эбии 5 мөл. солк. тэҥнээх төлөбүрү олохтуохха наада дии саныыбын», — диэн судаарыстыба баһылыга бэлиэтээтэ.
Ону таһынан, эчэйии ылбыт байыаннайдарга эмиэ төлөбүрдэр оҥоһуллуохтара.