Россия Президенэ Владимир Путин Уһук Илиҥҥэ култуура тэрилтэлэрин материальнай-техническай баазаларын саҥардыы боппуруоһунан дьарыктанарга соруйда. Ордук кыра куораттарга уонна тыа сирдэригэр. Манна анаммыт пуун Кремль саайтыгар бэчээттэммит сорудах испииһэгэр баар. Докумуон Илиҥҥи экономическай форум кэнниттэн ылыллыбыта.
«РФ Правительствота Уһук Илиҥҥэ култуура тэрилтэлэрин материальнай-техническай баазаларын саҥардыыга миэрэлэри ыларыгар. Манна музейдар, театрдар уонна библиотекалар эмиэ киирсэллэр. Ордук болҕомтону кыра куораттарга уонна тыа сирдэригэр уурарга», — диэн сорудахха этиллэр.
Бу боппуруос туолуутугар бастакы дакылаат сэтинньи 15 күнүгэр диэри оҥоһуллуохтаах, салгыы — сыл аҥарыгар биирдэ, диэн докумуоҥҥа ыйыллар.
Маны сэргэ президент миниистирдэр кабинеттарыгар бюджет суотугар үрдүк үөрэххэ целевой миэстэ квотатын эбэн биэрэри эттэ, ол иһигэр Уһук Илин олохтоохторугар эмиэ. Үлэ ырыынагар тиийбэт исписэлиистэргэ үөрэттэрэн, кэлин дуогабардарын быһыытынан РФ испииһэккэ киирбит субъектарыгар ылбыт идэлэринэн үлэнэн хааччыйыллалларыгар этилиннэ. Сорудах туолуута — 2019 сыл ахсынньы 1 күнүгэр диэри.
Источник: ТАСС