22 Сэтинньи 22.11
  • -26°
  • $ 100,68
  • 106,08

Путин регионнарга эбии 200 млрд солк ыытары эттэ

13:04, 28 апреля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Россия президенэ Владимир Путин эбии 200 млрд солк регионнар бюджеттарын хааччыйыыга ыытар сөптөөх быһаарыы буоларын эттэ, СИА ТАСС-ка сигэнэн суруйар.


«Регионнар бюджеттарын туруктаах оҥорор сыалтан эбии 200 млрд солк ыытар наада, итини этэн туран Федерация субъектара бу үбүлээһини сөптөөхтүк анабылынан туттууларыгар хааччахтааһын суох буолуохтаах», — Владимир Путин бырабыыталыстыба чилиэннэрин кытта мунньахха эттэ.

Путин эрдэ эмиэ регионнарга көмө наадатын эппитин санатта. «Кинилэр дохуоттара билигин араас биричиинэнэн олорон хаалла, оттон регионнар экономиканы уонна олохтоохтору өйүүллэригэр улахан ноҕорууска сүгэллэр. Онно анаан кинилэргэ сөптөөх үбүлээһин баар буолуохтаах«, — диэн быһаарда президент.

Судаарыстыба баһылыга эппитинэн, эбии көрүллүбүт үбү «регионнар дьарыктаах буолууну, дьыалабыай көҕү өйөөһүҥҥэ туттуохтаахтар, босуобуйалары төлөөһүҥҥэ, бюджетниктар хамнастарыгар, суһал социальнай боппуруостары быһаарыыга уонна дьоҥҥо көмөҕө туһаайыахтаахтар».

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА