23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Путин "Демография" нацбырайыагынан Муомаҕа сэниэлээх хамсааһын таҕыста

13:01, 28 декабря 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Сылбыт түмүктэнэрэ үс хонук хаалла. Ааспыты ырытыһар, кэскили түстүүр күннэр тураллар. Муома оройуонун дьоно-сэргэтэ дойдубут президенэ Владимир Путин үгэскэ кубулуйбут сыл түмүгүн таһаарар пресс-конференциятын олус болҕомтолоохтук иһиттилэр. «Сайдыыбыт инникилээх», — диэн бигэ санааҕа кэлбиттэрин этиннилэр.

Иннокентий Семенович Старков, үйэ аҥарыттан ордук бэтэринээринэй сулууспаҕа үлэлээбит 86 саастаах үлэ бэтэрээнэ:

‒ Мин эрэ буолбакка бары үөлээннээхтэрим, атын эдэр-эмэн бу күнү олус кэтэспиппит уонна Россия Президенэ Владимир Путин хас биир этиитин сэргээтибит-биһирээтибит уонна өйбүт-санаабыт ордук чөллөрүйэн күүспүт-кыахпыт өссө улаатта. Тус бэйэм пресс-конференция бүгүҥҥү аан дойдутааҕы балаһыанньа туругар этиитигэр тохтуом. Тоҕо диэтэххэ, сонуну тарҕатар ситимнэртэн биллэххэ, арҕаа дойдулар кутуруксуттара буолбут Украина квазисудаарыстыба марионетка оруолун оонньоон, Россияҕа эрэ буолбакка, бүтүн аан дойдуга сэрии тыҥааһынын күүрдэрэ дьиксиннэрэр. Киинтэн тэйиэс да олордорбут Россия Эбэ Хотун оҕолоро буоларбытынан биһиги мантан дьаарханарбыт баар суол. Дойдубут бас-көс киһитэ, бүтүн аан дойдуга муҥутуур аптарытыаттаах Владимир Путин иэрэҥ-саараҥ саарбах санаалары киэр кыйдаата: История диэки хайыстахха, биһиэхэ ким батастаах киирбит ол онтон охторун олус итэҕэтиилээхтик быһаарда.

Бүгүҥҥү күҥҥэ Россия курдук бэйэтин сиэрдээхтик көмүскэнэр уонна  сир шарыгар эйэлээх олоҕу туруулаһар  судаарыстыба дьоно буоларбытынан киэн туттунар санаабыт өссө күүһүрдэ. Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии бүппүтэ 70-тан тахса сыл буолла, фашизм «коричневай чумаатын» ССРС кыайбыта, оттон НАТО кубулҕатыгар Россия сөптөөх хоруйу биэрэригэр саараҥныыр наадата суоҕун Владимир Путин өссө төгүл чиҥэттэ. Баары баарынан эттэххэ, бүгүҥҥү олохпут балай да уустук. Ол иһин хас биирбит киэҥ-нэлэмэн модун күүстээх Россия үрдүкү салалтатын тула сомоҕолоһон биир ньыгыл күүс буолуохтаахпыт. Биһигини ким да кыайыа суоҕа, ил-эйэ олох биһигиттэн саҕыаҕа. Муомалар түмсүүлээхпит, өйбүт-санаабыт, күүспүт-уохпут уонна дьулуурбут-дьүккүөрбүт түмүллэн, Россия Эбэ Хотун кыаҕар эбии күүс буолуоҕа.

Евдокия Ивановна Слепцова, бэтэрээннэр оройуоннааҕы Сэбиэттэрин салайааччыта:

‒ Сэбиэскэй идеология суох буолбутун кэннэ, кэнники 30 сылга эдэр ыччаты иитиигэ уота-күөһэ суох үлэ бара турар дииллэр. Ол да буоллар, мин санаабар, биир халыыпка кутуллубут үөрэтии-такайыы суоҕун үрдүнэн эдэр көлүөнэ аҕам саастаахтары киэҥ  көрүүтүнэн, бириэмэни куоһарарынан, оперативнайынан уонна мобильнайынан сөхтөрөр диэтэхпинэ сыыспаппын. Өскө урут биһиги аргыый-наллаан, мөдөөт соҕус буоллахпытына, аныгы ыччат өйдөрө-санаалара түргэн уонна сыыспытын да иһин ону уот начаас көннөрөр.

Президент Владимир Путин аныгы ыччат деградациялыыр суолга тураары гыммыт дуу диэн ыйытыкка биһиги, аҕа саастаах көлүөнэ, санаатын уот харахха эттэ: куттал суох, ыччаппыт кэскиллээх, инникибит кини илиитигэр диэн. Ити да буоллар, биири өйдүөххэ:  глобализация, интернет кимэн киириилэрэ аһара күүстээхтэр, нууччалаатахха «вызов» уонна «соблазн» аһара элбэхтэр, гаджекка уонна куйаар ситимигэр олорооччуларга. Олор бары үчүгэйдэр диир кыах суох, онон судаарыстыба таһымыгар интернет хонуутугар буолар-хаайар дьаһаллар булгуччулаахтык ылыналлара наада. Муомаҕа соччото-баччата суох ис кииллээх сайтарга билиҥҥитэ киирээччи аҕыйах. «Ол да буоллар» дииргэ тиийэбит, кими да  тымтыктанан көрүллүбэт. Ол иһин төрөппүттэргэ, үөрэх тэрилтэлэрин үлэһиттэригэр этиэм этэ: интернети сайдарга-үөрэнэргэ туһанарга оскуола инниттэн саастаах оҕолортон саҕалыырга.

Саргылаана Ивановна Васильева, элбэх оҕолоох эдэр ийэ:

‒ Владимир Путин пресс-конференциятын кырдьаҕас көлүөнэбит эрэ кэтэспэтэҕэ, эдэр дьиэ кэргэн ааспыт сылга уонна кэлэр кэмҥэ туох уларыйыыта тахсыбытын кэтэһэллэрин  билээри федеральнай ханааллартан арахпакка көрө олорбуттара. Эдэр ыччат, саҥа ыал буолбуттар социальнай көмүскэл чааһыгар  интэриэстээхтэрэ өйдөнөр. Хотуга, тыа сиригэр ыал буолан олох уйгутун уһаарыы уустуктардаах, барыта үптэн-харчыттан  тутулуктаах, таптал таһынан. Үөрүөм быатыгар, быйыл да, инникитин да дойдубут Президенэ Владимир Путин бу араҥаны өйдүүрүн өссө төгүл бигэргэттэ. Хайа баҕарар атын дойдулары ылан көрүҥ ‒ Ийэ хапытаала ханна баарый, бастакы уонна иккис оҕоҕо, дьиэ туттарга уһаайбалары биэрии, социальнай өйөбүллэри оҥоруу, киниэхэ  индесацияны кэмигэр толуйуу. Муоманы ылан көрүөххэ: 2021 сыллаахха биһиэхэ Ийэ хапытаалынан 16 дьиэ кэргэн туһанна, 26 ыал олорор усулуобуйаларын тупсардылар. Аны туран, кэлэн иһэр 2022 с. СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Ийэ сылынан биллэрдэ, төһөлөөх дьиэ кэргэни, ийэни-дьахтары суон сурахтыырга албан ааттыырга дьаһаллар ылыллыахтарын сэрэйиэххэ сөп. Өскө кытайдарга дьахтар 50-тан, эр киһи  60-тан сириэдийэр эбит буоллахтарына, мин тус толкуйбар, урааҥхай сахалар улуу кытайдардыын хайдах эрэ дьүөрэлэһэр курдуктар. Владимир Путин дьиэ кэргэн бигэ туруктаах буоларын туһугар киэҥ хабааннаах үлэ барбытын эттэ, биһиги ону манна эмиэ билэн олоробут. Ол курдук кэккэ сылларга уонна быйыл элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэрбит араас таһымнаах социальнай программаларга, бырайыактарга киирэннэр олохторун хаачыстыбата лаппа үрдэттэ,  удьуор утумун уһатааччылар ахсааннара Муомаҕа сыллата улаата турар. Туомтуу тардан эттэххэ, Муомаҕа демография политикатыгар сэниэлээх хамсааһын таҕыста, инникитин кини өссө күүһүрэрэ чуолкай.

Ааптар: Афанасий Иванов, Муома улууһа                                                                                             

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА