Өбүгэлэрбит самаан сайын салаллыытын тоҕус томторҕолоох тоҕой сэлэни анньан айгыр силик оһуордаах, ат баһа ойуулаах аар баҕаҕы анньан, чороон айаҕы чуоҕутан, кэриэн ымыйаҕы кэккэлэтэн, арыылаах кымыһынан арчылаан, бар дьонун маанылыыр буолара.
Маннык үтүө кэмҥэ, бүгүн «Күнчээн» кыра бөлөх иитиллээччилэрэ, иитээччилэр, төрөппүттэр үөрэх дьылын түмүктүүр, самаан сайыны көрсөр оҕо ыһыаҕын тэрийдилэр.
«Өрөспүүбүлүкэбит төрүттэммитэ 100 сааһын бэлиэтээн сахабыт сирин былааҕын күөрэччи тутан, мустубут дьон бары чуораан тыаһынан ыраастанан түһүлгэҕэ парадтаан киирдибит. Салгыы үгэс буоларыныы үрдүк Айыылар сырдык күүстэрин, алгыстаах тыыннарын иҥэринэн 7 мэҥэ хамсаныыны толордубут, арчыланныбыт» — диэн ыһыах тэрийээччитэ, уһуйаан музыкальнай салайаачыта Сардана Михайловна Горохова үллэһиннэ.
Аан тылы иитээччи М.Я. Никифорова арыйда, тойук туойан доллоһутан түһүлгэҕэ ыҥырда. Дьэ бу кэннэ «Ыллыыр- туойар оҕо саас» эҕэрдэ кэнсиэр дуораһыйда. Ол кэннэ бары үөрэ-дьүөрэ үктэнэн оһуокайдаан тэйдилэр,алгыстаах алаадьы амсайдылар. Өбүгэ үгэһинэн быһый бөҕөстөр күрэх былдьастылар, кэрэ мааны кыргыттар ийэлэринээн «Саха кыыһын кэрэтэ- уһун суһуоҕа» күөн куонкуруска кытыннылар. Дьиэ кэргэнинэн «Саха талба таҥаһа» күөн күрэс бэрт тыҥааһыннаахтык ыытыллан кыайыылаахтар ааттаннылар,оҕолор бэлэх тутан үөрүү өрөгөйүн биллилэр.
«Оҕолорго кыра эрдэхтэриттэн өбүгэлэрбит үгэстэрин, сиэрдэрин- туомнарын, саха өйүн санаатын, дьон- сэргэ мунньустан үөрэрин- көтөрүн, түмсүүлээх буолар өйдөбүлү иҥэрии, олохсутуу биһиги улахан дьон сорукпут буолар«, — диэн Сардана Михайловна чуолаан бэлиэтээтэ.
Самаан сайыны уруйдуур үөрүүлээх тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ааста, тэрийээччилэр сотору кэминэн бүтүн уһуйаан ыһыаҕын ыытарга бэлэмнэр.