Хаҥалас улууһун “Арчы Дьиэтэ” норуот айымньытын киинэ, үгэс быһыытынан, дьыссаат оҕолоругар турук Айыылартан кэс тылы ылыы сиэрин-туомун ыытта. Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүгэр анаатылар.
Тэрээһин куйаар ситиминэн ааста. Покровскай куорат сахалыы тыллаах дьыссаатын иитиллээчилэрэ кытыннылар.
“Сардаана” оҕо саадын орто уонна улахан сүһүөх оҕолоро барыта 45 оҕо, уһуйааччылара Г.Е.Федорова, А.В.Егорова, А.Е.Ушницкая, Л.В.Васильева, “Сказка” дьыссаат “Тииҥчээн” орто бөлөҕүттэн 20 оҕо, иитээччилэрэ М.С.Кривошапкина, ”Кустук” бэлэмнэнии бөлөҕүттэн 17 оҕо кытынна, уһуйааччылара П.Г.Ефимова, “Ромашка” бэлэмнэнии бөлөҕүттэн 10 оҕо, баспытааталлара А.В.Николаева.
Оҕолор бу күн бары сахалыы таҥнан-симэнэн кэлбиттэр.
Тэрээһини иилээн-саҕалаан ыытта “Арчы Дьиэтэ” норуот айымньытын киинин дириэктэрэ Лидия Васильевна Харитонова. Кини саха халандаарын, ый айыыларын билиһиннэрдэ. Хачыкааттааҕы С.П. Барашков аатынан оскуола бастакы кылааһын үөрэнээччитэ Дима Сулейманов “Ийэ тылым” диэн хоһоону иһитиннэрдэ.