Покровскайга бу соторутааҕыта Аҕалар сүбэлэрэ тэриллибитэ. Күүстээх аҥар муста түһэн олоҕу-дьаһаҕы тупсарыыга, доруобай-чөл олоҕу көҕүлүүргэ усулуобуйаны тэрийэр.
Арассыыйаҕа Ийэ күнүн чэрчитинэн, өрөбүл күн Покровскай куорат көхтөөх аҕалара хаптаһынынан бөҕө-таҕа сыыры оҥорон, оҕолорго дьоһун бэлэҕи оҥордулар. И.М. Яковлев аатынан 1-кы №-дээх орто оскуола (бэрэссэдээтэл Иван Соловьев), 2-с №-дээх орто оскуола (бэрэссэдээтэл Виктор Константинов), спорт дыбарыаһа (дириэктэр Олег Иванов), мэрия (баһылык Петр Гермогенов, солб. Егор Варламов) тэрилтэлэр күүстээх аҥардара уопсастыбаннай дьаһалга кытыннылар.
Хаптаһыныны куорат дьаһалтата биэрдэ, онтон устуруустааһыныгар ОДьКХ Хаҥаластааҕы филиалын (дириэктэр Дмитрий Николаев) мастарыскыайыгар столяр Егор Яковлев күүс-көмө буолла. Андрей Дьяконов, Роман Иванов, Владимир Севостьянов, Аркадий Степанов курдук сатабыллаах аҕалар баар буоланнар, бу үлэ силигин ситтэ.
Барыта 20-тэн тахса киһи кытынна.
Ааптар: «Хаҥалас» хаһыат