15 Тохсунньу 15.01
  • -40°
  • $ 103,44
  • 106,25

Петр Тумусов: Дьон махтанарыттан ордук үрдүк үөрүү баарын  билбэппин

19:09, 05 февраля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

– Петр Сысоевич, арыгылааһыны утары охсуһууга ыытыллар үлэни хайдах сыаналыыгыный?

– Элбэх  уураахтар, ыйаахтар ылыллаллар. Сөптөөх үлэ барар, нормативнай докумуоннар бааллар. Ол гынан баран, итини барытын толоруу, хонтуруоллааһын өттө мөлтөх.  Ол иһин,  ирдэбиллэр толоруллууларын күүскэ хонтуруоллуохха наада  диэн сылдьарым тухары этэ сатыыбын. Биллэн турар, уопсастыбаннас (төһө да боломуочуйата кыратын иһин)  хонтуруоллуу сатыыр.

Мин былырыын Швейцарияҕа бара сылдьыбытым.  Кинилэргэ  Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин иһинэн арыгыны атыылааһыны хонтуруоллуур, босхоломмут үлэһиттэрдээх  департамент баар.  Нолуоктартан киирбит харчынан  арыгы политиката олоххо киириитин хонтуруоллааһыны тэрийэллэр эбит.    Биир сүрүн ньымалара – «хонтуруоллуур атыылаһыы».  Холобур, ханнык баҕарар маҕаһыыҥҥа оҕоҕо харчы биэрэн баран ыытыахтарын сөп. Оҕо атыылаһан кэлбит буолла да, маҕаһыыны сабан кэбиһэллэр.  Аны 8 мөлүйүөннээх нэһилиэнньэлэрин, ол иһигэр, төһө киһи куһаҕан дьаллыкка ылларбытын ааҕа билэллэр.

Биһиги дойдубутугар мониторинг оҥоһуллар эрээри, чопчута суох, барыллааһын эрэ.  Биһиэхэ бэйэлэрэ кэллэхтэринэ эрэ учуокка ылыллаллар.  Ол иһин,  больничнай, медицинскэй статистикабыт  арыгылааһын дьиҥнээх кыһалҕатын ситэри көрдөрбөт. Үп-харчы көрүллэрэ эбитэ буоллар, уопсастыбаҕа эрэ сэлээннээбэккэ,  итирдэр бородууксуйаны атыылааһыны хонтуруоллуур саҥа управление иһинэн (бырагыраама ылынан) волонтердары үлэлэтиэххэ сөп этэ.

Дьиҥинэн, уонча сыллааҕыны кытта тэҥнээтэххэ, үлэ үчүгэйдик барар уонна түмүктээх.  Дьон-сэргэ өйө-санаата  уларыйан эрэр.   Корпоративтарга, сыбаайбаларга уо.д.а. тэрээһиннэргэ  арыгыны  өлө-сүтэ иһэ сатаабаттар. Ыччаттар арыгыны иһэр  киһи олоххо тугу да ситиспэтин уонна арыгылааһын муодунайа суоҕун өйдөөннөр, спордунан дьарыктаналлара, чөл олоҕу тутуһаллара кэрэхсэбиллээх.  Итинник баран истэҕинэ, биһиги балаһыанньаны хонтуруолга ылыахпыт дии саныыбын.  Ол да үрдүнэн,  арыгылааһын кыһалҕата  сытыытык турар.

– «Арыгы – ыарыы» диэн өйдөбүл төһө сөптөөҕүй?

— Доруобуйа харыстабылыгар үлэлии сылдьарым быһыытынан, итини толкуйдаабытым ыраатта. Холобур, ардыгар иһэр, арыгыһыт буола илик киһини  көннөрү «иһээччилэр» диибит.   Олох испэт дьон эмиэ баар, нэһилиэнньэ 10-12 бырыһыана арыгыны испэт, ылыммат дьоҥҥо киирсэр.   Оттон номнуо  тутулуктаммыт, бэйэтэ кыайан бырахпат, эмтэнэр эрэ кыахха киирбит киһи «арыгыһыт», «ыарыһах» диэн аатырар.  Батыһан иһэр киһи «иһээччи» уонна «арыгыһыт» икки ардыгар  сылдьар, «арыгыһыт» буоларга аҥар атаҕынан  үктэнэн турар.

Күһэйэн эмтээтэххэ…

– Кинилэри күһэйэн эмтээһин билигин тоҕо суоҕуй?

– Бэйэтэ туспа сокуоннаах, идеологиялаах, политикалаах  судаарыстыба буолан олорбут Сэбиэскэй Сойуус саҕана күһэйэн эмтиир кыахтаах этибит.  Сойуус ыһыллан, Россия аан дойдутааҕы сыаннастарга көһөн,  киһи быраабын араас тэрилтэлэригэр киирэн, аан дойду ирдэбиллэрин, нуормаларын тутуһар буолан барбыта. Ити ирдэбиллэр, нуормалар этэллэринэн, киһини күһэйиэ, быраабын күөмчүлүө суохтааххын. Быраастар да  көрөрбүтүнэн, баҕарбат киһини күһэйэн эмтээһин туһата кыра. Эмтэммит уон киһиттэн биэһэ-алтата иккистээн-үһүстээн  иһиэн, оттон түөрдэ-биэһэ  туттунуон, олох аккаастаныан  сөп. Оттон бэйэтин көҥүлүнэн кэлбит киһи ордук ылынымтыа буолар. Билигин  күһэйэн эмтээһин диэн буолбакка,  эбээһинэстээһин (сокуонунан көрүллэр) диэн баар.

– Ыраах тыа сиригэр олорор, элбэх харчыта суох киһи баҕарбытын да иһин эмтэммэккэ хаалара баар суол.

– Сокуоҥҥа олоҕуран,  төлөбүрдээх уонна төлөбүрэ суох эмтээһин көрүллэллэр.  Уопсастыбаҕа кутталлаах дьайыыны оҥоруон сөптөөхтөргө социальнай уонна медицинскэй хааччахтааһыннар (арыгыһыт, наркоман киһи уруулга олоруо суохтаах, саа сэбин-сэбиргэлин тутуо суохтаах, оҕо тэрилтэлэригэр үлэлиэ суохтаах уо.д.а.) көрүллэллэр. Маннык хааччахтааһыннар, бастатан туран, уопсастыбаны харыстааһынтан тахсаллар.    Иккиһинэн, куһаҕан дьаллыкка ылларан эрэр киһи  «мин, кырдьык, уопсастыбаҕа сөп түбэспэт эбиппин» диэн өйгө-санааҕа кэлэригэр көмөлөһөр. Ити  мотивация диэн ааттанар –  киһини көнө суолга туруорарга толкуйдатар уонна оннук санаа үөскүүр түгэнигэр киниэхэ көмө, өйөбүл оҥоһуллуохтаах.

«Учуокка туруом, эмтэнэн көнө суолу тутуһуом» диэн баҕалаах киһи биһиэхэ босхо эмтэнэр.  «Биһиги эмтэнэбит, ол эрээри учуокка турбаппыт, үлэбитигэр, репутациябытыгар дьайар…» диэччилэр бааллар. Кинилэр, РФ сокуонунан, ааттарын-суолларын эппэккэ туран эмтэнэллэр, өҥө кинилэргэ төлөбүрдээх буолар.    Ити эмиэ  мотивация биир көрүҥэ. Тоҕо диэтэххэ, 5 күҥҥэ 9 тыһыынчаттан тахса солкуобай харчыны төлөөн эмтэммит киһи:  «Аны эмтэнэр турукка киирбэтэх киһи, бу дьиэ аанын арыйбатах киһи», –  диэн толкуйдуур.

Медвытрезвитель ким боломуочуйатыгар баарый?

– Медвытрезвителлэри үлэлэтии туһунан мөккүөр  ханна тиийдэ?

– 2011 сылтан турар ити боппуруоска бүгүҥҥэ диэри үлэлии олоробут. Билиҥҥитэ федеральнай былаастан туох да сэниэлээх ыйыы-кэрдии суох. Ыйааһыннаах, киһиэхэ өйдөнөр федеральнай докумуон суох буолан,  боппуруос кыайан быһаарыллыбат. Сылга биирдэ ИДьМ, биэдэмэстибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйалар иһинэн улахан мунньахтар буоллахтарына, боппуруос  күөрэйэр, онтон эмиэ сүтэн хаалар. Ол гынан баран, биһиги син биир күүскэ үлэлэһэбит.

Дьиҥинэн, итирик –  ыарыһах киһи буолбатах,  өйдөннө да туран баран хаалар.  Ол иһин, доруобуйа харыстабыла кинилэри эмтиир боломуочуйата суох.  Оччоҕо  Социальнай харалта министиэристибэтин  боломуочуйата  диэтэхпитинэ, «биһиги инбэлииттэри, кыамматтары көрөбүт-харайабыт» дииллэр. Онон  өрөспүүбүлүкэ  бырабыыталыстыбата федеральнай нормативнай акталары кэтэһэр. Нормативнай акта ханнык министиэристибэ дьарыктаныахтааҕын быһаарыахтаах эбэтэр чааһынай-судаарыстыбаннай ньыманан тэрийиҥ диэхтээх.   РФ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ: «Доруобуйа харыстабылын үбүн медвытрезвителгэ ыытар   буоллаххытына, үбү-харчыны атыҥҥа туһаныы курдук  көрүөхпүт», – диэн турар.  Итинник бырахса сырыттахтарына, төһөлөөх киһи олоҕо быыһаммакка хаалара буолуой? Ол иһин, 2011 сылтан медвытрезвитель оҥөтүгэр наадыйбыт  дьону диспансербытыгар тутан баран, билигин иккис сылбытын чааһынай-судаарыстыбаннай ньымаҕа көстүбүт.  Куонкурус биллэрэн, Базовай переулокка 15 миэстэлээх метвытрезвитель аһыллыбыта. 2015 сылга диэри бэркэ үлэлээн баран, үп-харчы көрүллүбэккэ сабыллар кутталлаахпыт.   Элбэхтик кириитикэлэнэрбит, дьон араас саҥатын да истэрбит баар.  Былырыын медвытрезвительга 400-тэн тахса киһи сытан таҕыста.   Биһиги бу ньымабытын  Уһук Илин кылаабынай нарколога Михалева кэлэ сылдьан биһирээбитэ,   федерация таһымыгар дакылааттыам диэбитэ. Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата ити хайысханан вытрезвители үлэлэтэри, салгыы сайыннарары өйүүр.

Портвейн инникибин төлкөлөөбүтэ

– Арыгы куһаҕанын хас сааскар билбиккиний?

– Төрдүс кылааска үөрэнэ сылдьан миигиттэн 10-ча сыл аҕа уолаттары кытта өрүскэ балыктыы киирээччи буолбутум.  Кинилэр итирэн баран,  миэхэ күүстэринэн  арыгы иһэрдибиттэрэ.  Ол портвейны иһэн баран  хотуолаан сордоммуппун, төбөм ыалдьыбытын   билигин да өйдүүбүн!  Онтон ыла ити куһаҕан  дьаллыгы кыайан ылыммаппын, сүрэхпэр астардаҕым дии. Оччолорго алтыс-сэттис кылаас уолаттара арыгыны амсайалларын көрө сылдьыбытым. Ити саастарыттан саҕалаабыт доҕотторум, үөлээннээхтэрим үгүстэрэ билигин орто дойдуга суохтар.

– Чугас дьоҥҥор көмөлөспөккө хаалбыккыттан кэмсиммит түгэниҥ баар дуо?

– Кэмсинии кэмнэрэ бааллар.   Миигиттэн икки сыл аҕа бииргэ төрөөбүт убайбын күөх моҕойтон кыайан быыһаабатаҕым.  Көмөлөһө сатаабыппыт да, кыаллыбатаҕа, эдэр сааһыгар өлөөхтөөбүтэ.  Онон арыгы аҕалар содулун, аймалҕанын, сорун-муҥун  эппинэн-хааммынан билбит буоламмын, бар дьонум  арыгы хабалатыгар ылларбаттарын туһугар ис сүрэхпинэн ылынан туран үлэлиибин.  Хайдахтаах да балаһыанньаттан кыайан тахсарга көмөлөһө сатыыбыт. Биһиги кинилэр социальнай адаптацияны ааһалларын, олоххо иккистээн төннөллөрүн туһугар үлэлиибит. «Эн миэхэ көмөлөспүтүҥ, олохпун быыһаабытыҥ» диэн дьон махтанарыттан ордук үрдүк үөрүү баарын  билбэппин.

– Оҕолоруҥ, аймахтарыҥ эйигинэн киэн туттар буолуохтаахтар?

– Ытыктыыллар, холобур оҥостоллор эбит. Уопсайынан олорон кэлбит олохпунан астынабын, сөптөөх олоҕу олорон кэллим диибин.

– Эһиги дьиэ кэргэҥҥитигэр арыгыга сыһыан хайдаҕый?

— Кэргэним эмиэ быраас. Саҥа дьылы шампанскайдаах көрсөр этибит. Ол эрэн, Саҥа дьыллааҕы да остуолбутугар шампанскай туруорбат буолбуппут 2-3 сыл буолла. Тоҕо диэтэххэ, сиэннэрим улаатан эрэллэр. Киһи арыгыта да суох үөрэр-көтөр, арыгыны испэт үгэһи тутуһуохха сөп. Төрөппүттэр оҕолоругар, сиэннэригэр үтүө эрэ холобуру көрдөрүөхтээхтэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА