22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Петербургтааҕы экономика форумугар Саха сирэ уонтан тахса сөбүлэҥ түһэрсэр былааннаах

09:01, 14 июня 2023
Текст:
Фото: пресс-служба администрации главы и правительства Якутии
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирэ  XXVI Петербургтааҕы норуоттар ардыларынааҕы экономика форумугар 12-тэн итэҕэһэ суох сөбүлэҥ суруйсар былааннаах. Тэрээһин бэс ыйын 14 — 17 күннэригэр буолар.

Сөбүлэҥ суруктар өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытыгар туһаайыллаллар. Ол курдук,  «ДББ» уонна АК «АЛРОСА» (ПАО) тэрилтэни кытта гелий ыларга айылҕа гааһын оҥорон таһаарыыга комплекс тэрийиитигэр, РФ Илини сайыннарыыга министиэристибэтин кытта Дьокуускай маастар-былааныгар, Сбербааны кытта киин куоракка «Школа 21» бырагырааманы олоххо киилэриигэ, «Якутия» АХ көтөр аалларын пааркатын кэҥэтиигэ уонна да атын хайысхаларга кэпсэтиилэр барыахтара.

2023 сыллааҕы форум тиэмэтэ — «Суверенное развитие – основа справедливого мира. Объединим усилия во имя будущих поколений». Бырагыраамаҕа 140-тан тахса маастар-кылаас, сессиялар уонна бизнес-көрсүһүүлэр бааллар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА