Ленскэй оройуонун Пеледуйугар бөрө киирбитин кэпсээтилэр. Хас да күн ааспыт. ЯСИА-ҕа олохтоохтор кэпсээбиттэринэн, түөрт ыты тырыта тыыппыт.
«Бөрөнү аан бастаан олунньу 15 күнүгэр Плитка оройуонугар көрбүттэр. Бу чааһынай сектор, бөһүөлэк кииниттэн балтараа килэмиэтир ыраах. Онно бөрө үс ыты тырыта тыыппыт. Олунньу 17 күнүгэр Калинин уулуссатыгар көрбүттэр, түүн — сыбаалкаҕа. Баазалар оройуоннарыгар өссө биир ыты өлөрбүт», — диэн ЯСИА-ҕа Пеледуй олохтооҕо Михаил Чешуин кэпсээтэ.
Олохтоохтор адьырҕа кыыл бөһүөлэккэ киирбитинэн куттаналларын биллэрэллэр, оҕолору таһырдьа таһаарбаттар.
Пеледуй баһылыга Александр Кирсанов ЯСИА-ҕа эппитинэн, бөрөнү тутуу — кэмин күүтэбит. «Хапкааннары туруорбуппут, кэтиибит, патруль үлэлиир. Бөһүөлэк булчуттара билэллэр, бэлэмнэр, үгүс эр дьоҥҥо лицензиялаахтар. Сотору кэминэн быһаарыллыаҕа», — диэтэ кини.