Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан паромҥа массыынанан олорсон айаннаан иһэр пассажир 500 солк төлүүр буолла. Ити былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ 2,5 төгүл элбэх.
Ыам ыйын 29 күнүттэн паромунан айан иһин төлөбүр уларыйда.
«Бүгүҥҥүттэн пассажирдарга саҥа тарыып олохтонно. Улахн киһиэхэ уонна 10-тан үөһэ саастаах оҕолорго 500 солк, оҕо билиэтэ — 250 солк. Биэстэригэр диэри саастаахтар босхо сылдьаллар. Сыана үрдээһинэ уматыкка, сапчааска, өрөмүөҥҥэ сыана үрдээһинин кытта сибээстээх», — диэтэ ЯСИАҕа «Паромы Якутии» дириэктэрэ Николай Ефимов.
ЯСИА-ҕа «Госкомцен» тэрилтэ пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, кинилэр пассажирга сыананы быһаарбаттар.