Россия үпкэ министиэристибэтэ бырабыыталыстыба уурааҕын бырайыагын бэлэмнээтэ. Докумуоҥҥа олоҕуран, саҥа дьиэҕэ кыбартыыра ылыыга 6,5%-ҥа диэри ставкалаах чэпчэтиилээх ипотека бырагырааматын 2020 сыл сэтинньи 1 күнүттэн 2021 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри уһатарга этиллэр.
«Уураах бырайыага <…> Российскай Федерация гражданнарыгар 6,5 %-наах чэпчэтиилээх ипотека бырагырааматын тарҕатар туһуттан бэлэмнэннэ, 2021 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри», — уураах бырайыагын быһаарыы суругар этиллэр.
Кредит сууматын, бааннар бу бырагырааманан биэриилэригэр, докумуоҥҥа олоҕуран, 900 млрд солк-тан 2,8 трлн солк диэри улаатыннарарга, суруйар ТАСС.